Умуллубат сулус буолан суһумнуу тырымнаатын…
Мин Аҕа дойдутун көмүскүү сылдьан кыргыһыы хонуутугар охтубут саха ньургун уолун Станислав Потапов аҕатабын. Оҕом кылгас гынан баран чаҕылхай олоҕун туһунан кылгастык ахтан ааһыахпын баҕардым.
Мин Станислав күн күбэй ийэтинээн Мария Прокопьевналыын оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан ыкса доҕордоспутум. Оскуоланы бүтэрэн, олох суолугар үктэнэн баран, куппутунан-сүрбүтүнэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут, торҕо буруону унаарыппыппыт, алта уол, биир кыыс оҕоломмуппут. Кыыспыт барахсан, кыра эрдэҕинэ төннөн, улаханнык хомотолообута.
Стасик биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон төрөөбүтэ. 1980 с. Ньурба оройуонун Убайааныгар күн сирин көрбүтэ. Оҕолорбутун олох кыраларыттан окко илдьэ сылдьар этибит. Онон үлэ үөрүйэхтэрин иҥэриммиттэрэ, кииллийбиттэрэ. Стасик төлкөтүн түөрэҕэ түспүт төрөөбүт ийэ буора күүс-уох биэрэн олох ыарахаттарын тулуйарга үөрэммитэ, күүстээх санаа, тулуур, дьулуур, ийэ дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу төрүттэрэ ууруллубуттара. Кини өрүү үөрэ-көтө мичилийэ сылдьар ис иһиттэн сырдык куттаах оҕо этэ. Сырдык санаата, аламаҕай майгыта сирэйигэр-хараҕар сыдьаайа сылдьара. Бэйэтин сааһыттан таһынан дьоһуннаах оҕо этэ.
Кырдьаҕастан алгыһын
Стасигы кытары кырдьаҕастар тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһаллара. Ньурба куорат ытык олохтооҕо, чугас ыалбыт Анна Марковна Шадриналыын тэҥнээх дьоннуу сэлэһэллэрэ, үөрэллэрэ-көтөллөрө. “Оҕо сылдьан Анна Марковна кэмпиэтин, бичиэнньэтин элбэҕи сиэбитим, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан ону олус ахтар этим”, – диэн оҕом махтанан кэпсээбитин умнубаппын.
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, ытык кырдьаҕас Павел Егорович Сукуев кэпсээбитин тылын тылыгар чуолкайдык өйдүү сылдьабын. Павел Егорович киирбитигэр – оччолорго Стасик үһүс кылааска үөрэнэрэ – сүөгэйинэн үүттээн итии чэйинэн күндүлээбит, тэҥнээх дьоннуу элбэҕи кэпсэппиттэр. “Икки ынахпыт ньирэйдэммитэ, үһүс ынахпыт эмиэ ньирэйдэнээри сылдьар, онон сүөгэйбит элбиэҕэ, маамам баарыгар ыалдьыттаар, сүөгэй кэһии биэриэҕэ”, – диэн Стасик лоп-бааччы эппит. “Батаакаптар ааттарын ааттатыах, үтүө киһи тахсыах, ис-иһиттэн сылаас куттаах оҕолоох эбиккит”, – диэн ытык кырдьаҕас хайҕалын эппитин биһиги алгыс тыл курдук ылыммыппыт, махтаммыппыт.
Үтүө учууталларга – махталынан
Оҕо эрдэҕиттэн үлэни олус сөбүлүүрэ, ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат этэ, онон элбэх үөрүйэхтэри иҥэриммитэ үчүгэй үлэһит буоларыгар төрүт буолбуттара чуолкай.
Бастакы учууталын, Клавдия Сергеевна Федорованы (Михайлова), олус ытыктыыра, саамай кырдьыксыт, өйдөөх киһинэн билинэрэ. “Мин учууталым үөрдэҕинэ олус үчүгэйдик күлэр, оччоҕо мин эмиэ үөрэбин”, – диирэ. Оскуола уопсастыбаннай үлэтигэр, араас тэрээһиннэргэ табаарыһа Игорь Егоровтуун көхтөөхтүк кытталлара. Стасик олус үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ.
Буоксаҕа бастакы тириэньэрэ Иван Васильевич Степановы, СӨ үтүөлээх тириэньэрдэрэ, бырааттыы Александр Афанасьевич уонна Василий Афанасьевич Тыасытаптары мэлдьи махталлаахтык ахтара, уһуйааччыларынан билинэрэ. Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Артур Иннокентьевич Пахомовка сүгүрүйэрэ, миигин улаханнык өйөөбүт, үчүгэйи оҥорбут киһи диэн мэлдьи этэрэ. Улахан бөлүһүөк, мындыр психолог, улуу педагог диэн дьоҥҥо кэпсиирэ, киэн туттара. Артур Иннокентьевич кэргэнэ Наталья Васильевна Стасикка ийэлии сылаас, амарах сыһыаннааҕа, оҕотун курдук чугастык саныыра. Кини билигин даҕаны Станислав кэргэнэ Ленаҕа өйөбүл, тирэх буолар, сүбэлиир-амалыыр, санаатын бөҕөргөтөр. Сиртэн халлааҥҥа диэри Махтал буоллун күн-күбэй ийэҕэ, Наталья Васильевна Пахомоваҕа.
Стасик 10 сааһыттан бииргэ төрөөбүт убайдара Аликтаах Акыымы батыһан буоксанан умсугуйан дьарыктаммыта. Бастакы күрэхтэһиитигэр үһүс “бочуоттаах” миэстэни ылан, грамотанан наҕараадаламмытыттан олус үөрбүтүн олох умнубаппын. Бу бастакы грамотатын кэнниттэн араас күрэхтэргэ кыайыыларын иһин төһөлөөх элбэх наҕарааданы ылбыта буолуой! Оҕом ол кэмҥэ үөрбүт хараҕын олох умнубаппын, түүлбэр кытта көрөбүн. Тулуурдаах, дьулуурдаах буолан, буокса күрэхтэһиилэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ, Уһук Илиҥҥэ уолаттарга, эдэрдэргэ элбэхтик кыайыылааҕынан буолбута. Бастакы “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга табаарыһа Георгий Балакшинныын иккиэн чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыттара. Кыайыылаахтары чиэстээн, оройуон салалтата көрсүһүү тэрийбитэ, тэлэбиисэринэн көрдөрбүттэрэ. Стасик: “Табаарыһым Георгийдыын олимпиадаҕа кыттар баҕа санаалаахпыт”, – диэн эппитэ. Кырдьык даҕаны, Георгий Балакшин олимпиада призера буолбута, Саха сирин, Ньурбатын аатырдыбыта.
Айымньылаах үлэ түмүгэ
Стасик атаҕар улахан эчэйии ылан эпэрээссийэлэммитэ. Бу эчэйиитэ кини успуорка ситиһиитигэр улахан мэһэй, харгыс буолбута, ол иһин буоксанан дьарыктанарын тохтоппута. Учууталларын, тириэньэрдэрин өйөбүлүнэн Олимпийскай эрэл училищетын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Аармыйаҕа барбыта, пограничнай чааска сулууспалаабыта, хамандыырдарыттан биһиэхэ, төрөппүттэригэр, ийэ дойдутугар бэриниилээх оҕону ииппиппит иһин Махтал сурук кэлбитэ. Аармыйаттан кэлээт Артур Пахомов салалтатынан Ньурбатааҕы успуорт оскуолатыгар тириэньэринэн үлэлээбитэ. Үлэтигэр уһулуччу бэриниилээх этэ. Айымньылаах үлэтэ үчүгэй түмүктээх буолбута, кылгас кэмҥэ Арассыыйа буоксаҕа түөрт успуордун маастарын, сүүрбэччэ успуорт маастарыгар хандьыдааты иитэн-такайан таһаарбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун салайааччыта Семен Сергеевич Чердоновы улаханнык ытыктыыра, үлэһит быһыытынан үүнэрбэр улахан өйөбүлү оҥорбута диэн махтанара.
Аата үйэттэн үйэҕэ ааттаныаҕа
Станислав аатын ааттатар, олоҕун салгыыр кыыстаах, уоллаах, тапталлаах кэргэнэ Елена Георгиевна ас-үөл технолога идэлээх. Кыыһа Нарыйаана Дьокуускай куорат 7-с №-дээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, Владивостоктааҕы федеральнай университет устудьуона, үөрэх туйгуна. Уола Марсен – 7-с №-дээх оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, оскуола бэрэсидьиэнэ, кик-боксиҥҥа уолаттарга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, Уһук Илин призера.
Станислав Семенович үлэ үөһүгэр үөрэ-көтө, айа-тута сылдьыбыта. СӨ успуордун уонна физкултууратын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна үрдүк ааттары ылбыта. “За добрые дела во имя лучшего будущего детей” мэтээлинэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин уурааҕынан “Эр санаа” уордьанынан наҕараадаламмыта. Төрөөбүт, үөрэммит Убайаанын орто оскуолатыгар Станислав Семенович Потапов сырдык аата иҥэрилиннэ. Төрөөбүт дойдутун көмүскэлин туһугар “олоҥхо Боотурунуу” охтубут саха ньургун уолун дьоно-сэргэтэ, уруу-аймах дьоно умнуохтара суоҕа, кини аата үйэттэн үйэҕэ махталлаахтык ааттаныаҕа. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу умуллубат сулуһа буолан Тапталга, Эрэлгэ ыҥыран суһумнуу тырымнаатын.
Аҕата Сэмэн Батаакап, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа үөрэҕин туйгуна,
Учууталлар учууталлара, Үөрэҕирии тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ,
Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: