Салгыы
ВДНХ «Арассыыйа» быыстапкатыгар 7 мөлүйүөн киһи сырытта

ВДНХ «Арассыыйа» быыстапкатыгар 7 мөлүйүөн киһи сырытта

Ааптар:
28.02.2024, 12:43
www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Олунньу 22 күнүгэр “Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа 7 мөлүйүөн киһи ыалдьыттаата. Төгүрүк сыыппараны түмүктүүр ыалдьытынан Волгоград уобалаһын Волжскай куорат олохтооҕо Алексей Максимов буолбут.

Кини ВДНХ сиригэр тэриллибит быыстапкаҕа кэргэнинээн Анастасиялыын 4 саастаах Катяны уонна 8 саастаах Варяны илдьэ кэлбиттэр. Быыстапкаҕа иккис күннэрин кэлбиттэр – ааспыт күн Арассыыйа корпорацияларын павильоннарын көрбүттэр, чэппиэргэ эрэгийиэннэргэ оҥоһуллар судаарыстыба тутаах бырайыактарын көрдөрөр № 75 павильону көрө кэлбиттэр.

Москваҕа элбэх сири кэрийдибит, бүгүҥҥү күнү толору Быыстапканы көрүүгэ анаатыбыт. Саҥа саҕалаатыбыт эрээри, оҕолор толору астынан үөрүү-көтүү бөҕөлөрө. Оҕолорбут эрэгийиэннэр павильоннарын көрөн баран, уллаатахтарына Саха сиригэр эбэтэр Халымаҕа көһөр туһунан былааннаннылар. Бүтэһиктээх быһаарыныыны ыла иликтэр”, диэн кэпсиир Алексей.

Максимовтар дьиэ кэргэнин быыстапка дириэктэрэ Наталья Виртуозова эҕэрдэлээтэ. “Үбүлүөйдээх” ыалдьыкка бэлэх туттардылар — “Энергия Ладоги” дьиэ кэргэнинэн айанныыр сынньанар тур. Тур иһинэн Ленинград уобалаһын кырдьаҕас куораттарын, кириэппэстэрин, манастыырдарын кэрийиэххэ сөп.

Бу нэдиэлэҕэ ыалдьыт ахсаана хаһааҥҥытааҕар да элбэх – үлэ күннэригэр маннык элбэх киһи кэлэрин өссө бэлиэтии илик этибит. Бу оскуола  сайыҥҥы сынньалаҥнара саҕаламмыттарынан уонна саас чугаһаан сылаас күннэр кэлбиттэринэн буолуо диэн быһаарабыт. Төрөппүттэр оҕолорун илдьэ кэлэн Арассыыйа араас эрэгийиэннэрин ситиһиилэрин кытта билсиэхтэрэ.

Бу туһунан сиһилии манна ааҕыаххытын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: