Владимир Путин: “Биэнсийэлээхтэри ыган бүтүөххэ”

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ бырабыыталыстыбаны кытары ыыппыт мунньаҕар бааннар биэнсийэлээх дьоҥҥо кирэдьиити хото биэрэллэрин уонна онон кинилэри ыгалларын-түүрэллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, бааннар биэнсийэлээх дьоҥҥо ый аайы кэлэ турар дохуоттаахтар диэн кыра кирэдьииттэри хото биэрэллэр, онон кинилэр саастаах дьону хабалаҕа ылаллар.
— Биэнсийэлээх дьоҥҥо баан кирэдьиити, кыра да суума буоллун, хото биэрэн иһэр. Тоҕо диэтэргин бу дьон ый аайы кэлэ турар, быстыбат дохуоттаахтар. Кирэдьиит ылбыт киһиҥ үйэтин-сааһын тухары, этэргэ диэри, хара өлүөр диэри иэстээх буолан тахсар. Бу манан бааннар, төһө да үп-харчы института сайда турар диэн үөрдэрбит да, туһана олороллор, киһи кырдьар сааһыгар сынньалаҥнык олорбот, бу маны тохтотуохпутун наада, — диэн этэр кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: