Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина Якутдорстрой тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрүстэ
Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина Якутдорстрой үлэһиттэрин кытта көрүстэ. Кини бу көрсүһүүгэ суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, суоллары, муосталары оҥоруу өрөспүүбүлүкэ, куорат инфраструктуратын сайыннарыыга бастакы оруолу ылар.
«Суолу тутуу уонна көрүү-истии элбэх киһи сыралаах үлэтин түмүгэ буолар, халлаан туругуттан тутулуга суох үлэҕитин өрүү оҥороҕут. Эһиги үлэҕит үтүөтүнэн суол оҥоһуллар, тупсарыы барар. Хаачыстыбалаах суоллар оҥоһуллаллар», — диэн Марина Бахилина бэлиэтээтэ. Көрсүһүү кыттыылаахтара билиҥҥи кэмҥэ суол эйгэтэ куорат экэниэмикэтин сайдыытын биир сүрүн хайысхата буолар. Бүтэһик сылларга суол хайысхата үтүө түмүктэрдээх. Өрөмүөн кампаниялара көдьүүстээхтик ыытыллаллар. Суол кытыытынааҕы инфраструктура сайдар. Владимир Путин көҕүлээбит «Безопасные качественные дороги» диэн национальнай бырайыак тэтимнээхтик үлэлиир.
Бэлиэтээн эттэххэ, кииннэммит быыбардыыр хамыыһыйа бигэргэппитинэн, Владимир Путин итэҕэллээх дьонугар култуура, ускуустуба, успуорт, урбаан, мэдиссиинэ эйгэтин үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр артыыс Сергей Безруков, Владимир Машков, режиссер Никита Михалков, дирижер Юрий Башмет, тириэньэр Ирина Винер о.д.а.
Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара бу дьыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолар. Хандьыдаакка түөрт киһи турда. Ол курдук билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкий (ЛДПР), Владислав Даванков (Новые люди).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: