Үөһээ Бүлүүгэ баһаарга эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэҥҥэ көмө оҥоһуллуо
Үөһээ Бүлүүгэ баһаарга эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэҥҥэ көмө оҥоһуллуо.
Олунньу 4 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Н.Якутскай аатынан уулуссаҕа турар кэтэх дьиэҕэ баһаар буолла. Иһитиннэрии СӨ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа баһаарынай чааһыгар 19.49 ч. киирбит. Баһаар буола турар сиригэр 19 ч.54 м. дьуһуурунай кэлбит. Күүстээх буруо уонна кырыыһаттан аһаҕас уот тахсара бэлиэтэммит. Уот 20.30 ч. бохсуллубут уонна умуруоруллубут. Баһаар туохтан буолбутун быһаараллар.
20.10 ч. 2018 уонна 2022 с.т. икки оҕону эвакуациялаабыттар, суһал көмөҕө тиксиһиннэрбиттэр уонна оройуоннааҕы киин балыыһаҕа киллэрбиттэр. Хомойуох иһин, оҕолор суорума суолламмыттар.
СӨ Бырабыыталыстыбата төрөппүттэригэр уонна чугас дьонноругар кутурҕанын тиэрдэр. Дьиэ кэргэҥҥэ наадалаах көмө оҥоһуллуо диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Бу туһунан РФ ЫБМ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: