Үөһээ Бүлүүгэ матасыыкыллаах оҕо дьиэ кыылын түҥнэри көппүт

Үөһээ Бүлүүгэ матасыыкыллаах оҕо дьиэ кыылын түҥнэри көппүт

Ааптар:
14.09.2024, 11:15
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 12 буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.

Дьокуускайга 1987 с.т. эр киһини өлөрбүттэр, онуоха уорбаланааччыны туппуттар. Киин куоракка, Мииринэйгэ, Нерюнгрига түөкүттэр дьонтон 2 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сууманы сойбоппуттарын туһунан иһитиннэриилэр киирбиттэр.

Дьокуускайга матасыыкылы уорбуттарын туһунан иһитиннэрбиттэр. Бүлүү уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар арыгы иһэн баран уруулга иккистээн олорбут суоппардары туппуттар. Нерюнгрига наркотигынан эргиммиттэрэ биллибит.

Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэх. Дьокуускайга уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар 5 киһи эчэйиилээх суол быһылааннара буолбуттар. Ол иһигэр Дүллүкү сэлиэнньэтигэр 2013 с.т. оҕо матасыыкыл ыытан иһэн дьиэ кыылыгар тиийэн түһэн, түҥнэстибит. Кини уонна икки пассажира (2008 уонна 2010 с.т.) госпитализацияламмыттар.

Суукка иһигэр 11 итирик суоппары туппуттар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: