Салгыы
Бэлиитиктэр санааларын үллэһиннилэр

Бэлиитиктэр санааларын үллэһиннилэр

04.10.2022, 16:53
Бөлөххө киир:

Федерация Сэбиэтэ Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Херсонскай уонна Запорожскай уобаластар Арассыыйа састаабыгар киирэр кэрдиис кэмнэрин туһунан Саха НКИХ ханаалыгар буолбут телемарафон иннинэ тус санааларын үллэһиннилэр.

СӨ эрэгийиэннээҕи норуодунай фронун исполкомун салайааччы Валерий Лютый:

— Бу үөрүүлээх түгэн буолар. Аҕыс сыл устата дьон балай даҕаны эрэйи көрдө. Оҕо, дьон-сэргэ олохтон туораабыттара. Күн ахсын биһиги бэрэсидьиэммит, дойдубут дьоно-сэргэтэ төһөлөөх эйэлээх норуоту тыыппат туһунан туруорсубуттара буолуой? Арассыыйа өттүттэн Украинаҕа саба түһэр, бэйэтин састаабыгар киллэрэ сатыыр туһунан ханнык да мөрөйдөөһүн суоҕа. Арай, куруук эйэлээх норуоту тыыппат туһунан көрдөһөрбүт. Эйэлээх сөбүлэҥ түһэрсии туһунан кэпсэтиилэрбит биир даҕаны туолбатаҕа. Хас биирдии киһиэхэ, норуокка чиэс диэн өйдөбүл баар. Биһиги дойдубут, лиидэрбит эппит тылыгар турар киһи буолар. Онон биһиги, Арассыыйа, бу эйэлээх олоххо баҕарар түөрт уобалаһы көрүүтэ-истиитэ суох хаалларан кэбиспиппит буоллар, судургутук эттэххэ, суох да гынан кэбиһиэ эбиттэр. Бу түөрт уобалас дьоно-сэргэтэ эйэлээх, холку олоххо баҕарар. Кинилэр аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт эһээлэринэн, аҕаларынан киэн туттуохтарын баҕараллар. Биһиги кинилэри көмүскээтибит. Арассыйа — историческай дойду. Мин үөрдүм, дьон хараҕын уута, санаарҕабыла тохтоото диэн. Кинилэр биһиги элбэх норуот эйэлээхтик олорор Арассыыйабыт састаабыгар киирбиттэриттэн үөрэбит.

Саха сиринээҕи КПРФ баартыйатын лиидэрэ Виктор Губарев:

— Бу устуоруйаҕа хаалар кэм. Үгүс сыра, эрэй кэнниттэн ылыныллыбыт быһаарыныы буолар. Аҕыс сыл устата эрэй-муҥ кэнниттэн, дьэ, бары бииргэ буоллубут. Бу улахан эппиэтинэһи, үлэни ирдиир кэм. Барыта кыайыы, фронт туһугар буолар. Бу түөрт уобалас биһиэхэ, Арассыыйа састаабыгар киирбиттэрэ үөрүүлээх быһыы-майгы буолар. Түгэнинэн туһанан Саха сирин олохтохторугар махталбын биллэриэм этэ. Суһал байыаннай быһыы-майгы саҕаланыаҕыттан олохтоохтор бары биир сомоҕо буолан тутустубут. Бүгүн биһиги байыаннай балаһыанньаны өйүүбүт! Барыта фронт туһугар, барыта кыайыы туһугар!

СӨ Ил Түмэн сүбэ мунньаҕын сис кэмитиэтин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарын уонна Арктика дьыалаларын бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуодунай фронун ыстаабын чилиэнэ Елена Голомарева:

— Улахан историческай хамсааһыннар буоллулар. Арассыыйабыт кэҥээн, эппиэтинэһэ өссө күүһүрбүтүн сүрэхпитинэн ылынабыт. Буола турар быһыыларга күүстээх санаабытын түмэн кыайыыга үлэлиэхтээхпит. Түөрт уобалас биһиэхэ туспа эрэгийиэн буолан киирдилэр. Онон биһиэхэ элбэх үлэни-хамнаһы ирдиир кэм саҕаланна.

СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев:

— Дуогабардар баттаһаннар биһиги эрэллээхпит. Дойдубут үрдүнэн улахан суолталаах кэм. Аҕыс сыл устата күн аайы ытыалаһыы, оҕо-уруу, дьон-сэргэ эрэйи көрбүтэ. Бу түөрт уобалас биһиэхэ холбоспуттара үөрүүлээх түгэн буолар. Бэйэлэрин олохторун, норуоттарын харыстыыр дьон маннык быһаарыныы ылынан биһиэхэ холбоһууларын өйүөхпүтүн наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: