Ыйыт-хоруйдуубут: Массыынабар гаас уматыгы туһанар буоллахпына, нолуокка чэпчэтии баар дуо?
Ыйытыы: Массыынабар гаас уматыгы туһанар буоллахпына, тырааныспар нолуогар чэпчэтии баар дуо? Ону хайдах оҥотторобун?
Арассыыйа ФНС Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетыттан маннык хоруйдаатылар:
— Уматык быһыытынан метаны (КПГ), ыгыллыбыт айылҕа гааһын (СПГ) уонна пропан-бутаны (СУГ) туһанар массыыналаах дьон (бас билээччилэр) СӨ 2013 сыл сэтинньи 7 күнүнээҕи “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нолуокка бэлиитикэтин туһунан” 1231-З N 17-V (эрэдээксийэлэммит 29.11.2023) Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, нолуокка 50 % кээмэйдээх чэпчэтии көрүллэр.
Олохтоммут ирдэбилинэн регистрациялаах биир тырааныспарга чэпчэтии туһаныллар, икки уонна онтон элбэх тырааныспардаахтар талан ылан, бииригэр эрэ чэпчэтинэн туһаныахтарын сөп.
Тырааныспар нолуогар чэпчэтиинэн туһаныыга сайабылыанньаҕа пааспар куоппуйатын, тырааныспар пааспарын куоппуйатын киллэрэҕит.
Туох чэпчэтии көрүллэрин уонна сайабылыанньаҕытын Арассыыйа ФНС дьиҥ таһымнаах саайтыгар https://lkfl2.nalog.ru/lkfl/login/ киирэн “Личный кабинет налогоплательщика физических лиц” эбэтэр нолуогу төлөөччү профилыгар “Льготы” салааҕа “Налоги ФЛ” мобильнай сыһыарыыга бэрэбиэркэлиэххитин уонна ыытыаххытын сөп.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нолуокка олохтоммут чэпчэтиилэр тустарынан Арассыыйа ФНС https://www.nalog.gov.ru/rn14/service/tax/ саайтыгар “Сервисы” разделга киирэн “Справочная информация о ставках и льготах по имущественным налогам” иһитиннэрии көмөтүнэн сиһилии билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: