Үлэһит дьахталлар пуорумнара үлэтин саҕалаата
Кулун тутар 5 күнүгэр Саха сирин үлэһит дьахталларын пуорума буолла. Манна бары улуустартан 200-тэн тахса кыттааччы — идэлээх сойуустар актыбыыстара, көхтөөх уопсастыбанньыктар кытыннылар.
Ыҥырыылаах ыалдьытынан Москваттан Арассыыйа тутулуга суох идэлээх сойуустарын федерацияларын (ФНПР) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Шершуков кэлэн, үлэлии сылдьар.
Күн бастакы аҥаарыгар пленарнай чааска дакылааттары иһиттилэр. Ол курдук, СӨ идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ, дьарыктаах буолууга бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева, үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, Дьарыктаах буолуу кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская, уо.д.а. дакылаат аахтылар.
Сүрүннээн, үлэһит дьахталлар бырааптарын көмүскээһин, дьарыктаах буолуу, дьиэ кэргэн, демографическай балаһыанньа, дьахталлар доруобуйаларын туругун, Дьиэ кэргэн сылыгар ийэ-аҕа буолууну, дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга судаарыстыбаннай бэлиитикэ, о.д.а. туһунан кэпсэттилэр.
Пуорум биир умнуллубат түгэнинэн, Татарстаны кытары быһа холбонуу буолла. Онно эмиэ дьахталлар мунньахтара буола турар эбит. Икки өрөспүүбүлүкэ үлэһит дьахталлара бэйэ-бэйэлэригэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Маны тэҥэ, Татарстан идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Елена Кузьмичева Арассыыйаҕа идэлээх сойуустар үлэһит дьахталлар бырааптарын хайдах көмүскүүллэрин туһунан кэпсээтэ.
Эбиэт кэнниттэн ырытыһар, дьүүллэһэр былаһааккалар үлэлиэхтэрэ. Манна дьахтар доруобуйата норуот доруобуйатын мэктиэлиирин, дьиэ кэргэн үп-харчы өттүнэн балаһыанньата судаарыстыба сайдыытын тирэҕэ буоларын, үлэһит дьахтары социальнай өттүнэн өйөөһүн туһунан ырытыһыахтара.
Бу түмүгүнэн пуорум резолюцията ылыллан, СӨ бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ, ФНПР-га тиэрдиллиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: