Салгыы
11 ойуур баһаара умуруорулунна

11 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
07.07.2024, 11:30
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр уопсайа  7 527  гектар иэннээх 11 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ   Евгений Перфильев иһитиннэрдэ. 

Баһаардар Абыйга,  Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Нерюнгрига умуруорулуннулар.
Авиационнай уонна космическай кэтээн көрүү түмүгэр, өссө 3 155 га иэннээх  18 ойуур баһаара көһүннэ.

От ыйын  7 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 326 тыһ. га иэннээх  115  ойуур баһаара баар.  Итиэннэ  6 839 га иэннээх 1 ландшафтнай баһаар баар.

Суһал ыстаап ураты болҕомтотугар нэһилиэнньэлээх пууннар чугастарыгар баар 14 ойуур баһаара буолар. Бу манна сүрүн болҕомто ууруллар.

Уоту умуруорууга 1759  киһи уонна  70 техника итиэннэ  авиация үлэлиир.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ  эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ олохтоммута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: