Салгыы
Синоптиктар Саха сиригэр кыһын хайдах буоларын билгэлээтилэр

Синоптиктар Саха сиригэр кыһын хайдах буоларын билгэлээтилэр

Ааптар:
05.10.2024, 19:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр быйыл кыһын нуорматтан үрдүк салгын температурата турара күүтүллэр.

Саха сиринээҕи Гидрометкиин сулууспатыгар кыһыҥҥы ыйдарга күн-дьыл туругун туһунан кэпсээтилэр.

Синоптиктар билгэлииллэринэн, сэтинньи ыйга салгын температурата соҕуруу уонна арҕаа улуустарыгар нуорматтан үрдүк буолуоҕа. Ону кытта 2025 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар Саха сиригэр салгын орто температурата нуорматтан үрдүк буолара сабаҕаланар.

Бу иннинэ Арассыыйа Гидрометеосулууспатын научнай салайааччыта Роман Вильфанд кэлэр нэдиэлэ ортотугар Саха сирин улахан өттө хаарынан бүрүллэрин туһунан биллэрбитэ. Кыһыҥҥы кыстык хаара үгүс улуустарынан номнуо түспүтэ. Сотору кэминэн утуу-субуу циклон кэлэн, элбэх сөҥүү түһэрэ күүтүллэр.

+1
12
+1
2
+1
1
+1
2
+1
9
+1
4
+1
15
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: