«Арассыыйа» быыстапкаҕа Саха сирэ тугу көрдөрүөҕэй?
Москваҕа «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум буола турар. Саха сирэ онно биир бастакынан, сэтинньи 12 күнүгэр бэйэтин күнүн бэлиэтиэҕэ.
Дьэ, Саха сирин билиһиннэрэр туһуттан, тугу көрдөрүөхтэрэй? Бу күн ВДНХ хас да былаһааккатыгар тэҥинэн Саха сирин бырагыраамата көстүөҕэ. Сүрүн былаһаакка — 75 №-дээх павильон.
Экспозиция аата — «Якутия – Вселенная Олонхо». Норуот үйэлээх култууратын, духуобунаһын уонна аныгы креативнай индустрия, бырамыысыланнас, тутуу, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын бырайыактарын билиһиннэриэхтэрэ.
Сэтинньи 12 күнүгэр Саха сириттэн артыыстар баран, тэрээһиннэри киэргэтиэхтэрэ. ВДНХ сүрүн сыанатыгар «Метаморфозы эпоса Олонхо» диэн театрализованнай көрдөрүү буолуоҕа. Онно түмүгэр Арассыыйа Дьоруойдара кыттыылаах, «Русский танк Алеша» ырыаны күргүөмүнэн ыллыахтара.
Экспозиция сүрүн сыала — Саха сирин хорсун бырайыактары олоххо киллэрэр, былыргы үгэстэри кытта аныгы технологиялары ситимниир ураты сир курдук көрдөрүү буолар. Онон өрөспүүбүлүкэ бары ситиһиилэрин олоҥхо нөҥүө көрдөрүөхтэрэ. Онон Олоҥхо дойдутун курдук киэргэппиттэр, симээбиттэр. Быыстапка бастакы күнүгэр 15 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта.
Дьыалабыай уонна култуурунай-аралдьытар бырагыраама киэҥ. Ыалдьыттар олоҥхо уонна «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар дьоруойдарын кытта билсиэхтэрэ. Ирбэт тоҥҥо сэлиэнньэлэри, куораттары тутуу маастар-былааннарын көрүөхтэрэ.
Дьыалабыай бырагыраамаҕа өрөспүүбүлүкэ креативнай уонна инновационнай эйгэлэргэ ситиһиилэрин көрдөрүөхтэрэ, Саха сиригэр үлэлиир улахан хампаанньалар үлэ дьаарбаҥкатын ыытыахтара.
Ону тэҥэ, сувенирдар уонна киэргэллэр дьаарбаҥкалара, саха аһын амсайыы, сахалыы уруу сиэрэ-туома, саха киинэтин бэстибээлэ ыытыллыахтара.
Бу улахан быыстапка 5 ый устата буолуоҕа. Улуу Арассыыйа ситиһиилэрин, эрэгийиэннэрэ тугунан тыынан олороллорун бу быыстапкаҕа кэлэн, хас биирдии киһи билсиэн, дойдутунан киэн туттуон сөп.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: