Салгыы
Чапчылҕаннар оскуоланы туруорсаллар

Чапчылҕаннар оскуоланы туруорсаллар

16.02.2024, 08:51
Хаартыскаҕа Людмила Попова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Чапчылҕаннар сорох атын нэһилиэктэргэ курдук эмиэ айылҕа харыстабылын, сир баайын хостооһун, сылгыны хаайан туран иитии, бэйдиэ сылдьар ыттар, саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү, бултааһын. уо.д.а. боппуруостары  ыйыталастылар. Ол эрээри, саамай тыын боппуруостара – оскуола. Отчуот кэмигэр киирбит хас биирдии ыйытыы хоруйа, быһаарыыта суох хаалбата.

Отчуот иннинэ Сергей Местников  Чапчылҕан нэһилиэгэр оскуоланы, уһуйааны уонна “Амма” СППК сылдьан көрдө-иһиттэ. Отчуот кэмигэр төрөппүттэр, уопсастыбаннас, дьокутааттар ааттарыттан оскуола тутуутун боппуруоһун көтөхтүлэр итиэннэ көрдөһүүлэрин сурукка тиһэн туттардылар.

Хаартыскаҕа Людмила Попова түһэриитэ

Уопсайынан, айылҕаны харыстааһыҥҥа аммалар чахчы долгуйаллара көстөр, хас даҕаны нэһилиэккэ ыйыталлар, санааларын этэллэр. “Геологическай чинчийии урут да баара, чинчийии (хостооһун буолбатах), ханна, төһө сир баайдаахпытын үөрэтии сэбиэскэй да былаас кэмигэр өссө көдьүүстээхтик ыытыллар этэ, билигин эмиэ ыытылла турар. Ол түмүгүнэн бу сир баайа хайаан даҕаны хостонон саҕаланыахтаах диэн буолбатах. Чинчийии түмүгэр хостонуон сөбүн-суоҕун, төһө баайдааҕын, төһө көдьүүстээҕин ааҕан-суоттаан эрэ баран быһаарыыны ылыналлар. Ол быһаарыы ылынылларыгар, хаһан баҕарар, сокуон ирдэбилинэн, олохтоох нэһилиэнньэ, олохтоох былаас санаатын истэллэр. Эһиги долгуйаргыт сөптөөх. Бу ыйытыылар Амма элбэх нэһилиэгиттэн киирдилэр, айылҕаны харыстыыргытын көрдөрөр ыйытыылар. Мин санаабар, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн уопсастыбаннас кыттыылаах хамыыһыйа тэрийэр ордук быһыылаах. Перфильев Евгений Андреевиһы кытта кэпсэтэ сылдьыаҕым. Биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа тэрийэн, онно актыбыыстар кыттыыны ыллахтарына ордук буолуо дии саныыбын”, — диэн эттэ.

Нэһилиэк олохтооҕо Степан Сутаков хас даҕаны ыйытыыны биэрдэ, этиитин киллэрдэ, санааларын үллэһиннэ уонна түмүккэ: “Кэлэр быыбарга кими таларбын быһаарынным — В.В. Путины өйүүргэ. Билигин Арассыыйа ыарахан балаһыанньаҕа олорор. Толкуйдаан көрдөххө, устуоруйаны ырытан көрдөххө, 1914 сыллааҕы маҥнайгы сэрии кэнниттэн буолар устуоруйа хатыланаары гынна дии саныыбын. Онно атын уобаластарбытын, куораттарбытын биэрбиттэрэ, билигин оннук балаһыанньа курдук, ол балаһыанньа хатыламматын туһугар биһиги бары биир киһи курдук Путин Владимир Владимировиһы талыаҕыҥ диэн ыҥырабын”, — диэн санаатын эттэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников отчуоту түмүктүүр этиитигэр: “Мунньах иннинэ оскуоланы уонна оҕо саадын баран көрө сырыттыбыт. Оскуола сүрдээх кыра эбит, итиннэ 92 оҕо хайдах батан үөрэнэрин кыайан сатаан толкуйдаабатым. Оҕоҕут улахан аҥаара Аммаҕа үөрэнэр эбит. Уһуйааны эмиэ көрдүбүт. Саҥа уһуйааҥҥа көһүөххүтүн баҕарар санааҕытын эттигит Нэһилиэк уонна улуус манна бэйэтин иһигэр быһаарыныан наада. Инники тутуллар социальнай хайысхалаах эбийиэктэр былааннарын торумнуон наада. Ол көрүүтүгэр олоҕуран өрөпүүбүлүкэ таһымыгар үлэ-хамнас ыытыллара ирдэнэр. Демография эбиллэ турар диигит. Оннук түгэнигэр социальнай суолталаах эбийиэктэр баар буолуохтаахтар” – диэн эттэ.

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: