Салгыы
Чурапчы көһөрүллүүтүн мусуойун маллара — устуоруйа кэрэһиттэрэ

Чурапчы көһөрүллүүтүн мусуойун маллара — устуоруйа кэрэһиттэрэ

21.03.2024, 17:24
Бөлөххө киир:

Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ  “Саха сирэ” хаһыат «Сэдэх экспонаттар» бырайыагынан  кыраайы үөрэтэр мусуой уонна хаһыат тэрийиилэринэн холбоһуктаах  быыстапкаҕа Чурапчы улууһун ааттаах-суоллаах түмэлэ  эмиэ кыттыыны ылла.

Чурапчы сэрии кэмигэр көһөрүллүүгэ барбыт устуоруйатын кэпсиир  Көһөрүллүү мусуойун аатыттан анал дэлэгээссийэ түөрт экспонатынан кыттыыны ылла.  1942 сыллаахха үс эрэ хонук иһигэр  Чурапчы оройуона оччолорго 70 холкуостааҕыттан 41-ттэн  5320 киһини  испииһэктээн алтынньы  саҥатыгар Булуҥ, Кэбээйи, Эдьигээн оройуоннарыгар ыыппыттара.   Хаар-ардах  үгэннээн түһэ турдаҕына, оҕолуун-кырдьаҕастыын ыраах айаҥҥа туруммуттара. Онно элбэх тэрили ылбат буолан, үгүстэрэ бу маннык кыра хопполору илдьэ барбыттар.

Хас биирдии экспонат  маннык быһаарыы суруктаах буолан, устуоруйа кэрэһитэ буолбут мал киһи дууһатын өссө долгутар.

Чурапчы улууһун Хатылы нэһилииэгин Көһөрүллүү мусуойун сэбидиссэйэ Марфа Чичигинарова  аҕалбыт экспонаттарын туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:

Дьон интэриэһин тардан, бу мал эмиэ сэдэх экспонат быһыытынан социальнай ситимнэргэ хото тарҕанна.

Сэдэх тэрил чопчу быһаарыыта  маннык эбит:

Көһөрүллүү мусуойун сэдэх малларын туһунан матырыйаал «Саха сирэ» хаһыакка тахсан, ааҕааччы сэҥээриитин ылбыттара.

Бу эмиэ бэрт дьикти устуоруйалаах тэрил.

Бу туһунан маннык быһаарыллан суруллубут:

Дьэ, ити курдук, хас биирдии сэдэх малы билиһиннэрдэххэ, биир киһи дуу, биир ыал дуу буолбакка, бүтүн улуус устуоруйата тиһиллэн тахсар…

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: