Дьокуускайга «Аҕа күрэҕэ» күрэх ыытыллыаҕа

Дьокуускайга «Аҕа күрэҕэ» күрэх ыытыллыаҕа

Ааптар:
06.03.2024, 11:00
Хаартыска: Дьокуускай куорат мэриятын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 9 күнүгэр киин куоракка сэттис төгүлүн үгэскэ кубулуйбут «Аҕа күрэҕэ» буолуоҕа.

Күрэхтэһиигэ киин куорат уокуруктарын уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр аҕалара уонна уолаттара кыттыыны ылыахтара. Күрэхтэһии хас да түһүмэхтэн турар.

Хамаандалар уратылыы бэйэлэрин билиһиннэриигэ, бэрэбинэлэри эрбээһиҥҥэ, оттук мас бэлэмнээһиҥҥэ, ойбону алларыыга, остуолбаҕа тахсыыга, чэй оргутарга, хайыһарынан сүүрүүгэ, о.д.а. күрэхтэһиэхтэрэ.

Кыайыылаахтары уонна призердары дипломнарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадалыахтара. Икки хамаанда кыайыылаахтара быйыл муус устар 6-7 күннэригэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ» күрэххэ кыттыахтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ»  Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар «Урааҥхай» култуурунай- этнографическай комплекска ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: