Дьокуускайга «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» фольклор күрэһэ ыытыллыаҕа

Дьокуускайга «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» фольклор күрэһэ ыытыллыаҕа

21.03.2024, 18:50
Хаартыска: Сунтаар улууһун култуураҕа салаата.
Бөлөххө киир:

Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн, 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһэ Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр ыытыллар.

Хаартыска: Сунтаар улууһун култуураҕа салаата.

Сунтаар улууһугар 2018 сылтан муус устар 9 күнүгэр улуу ырыаһыт, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт Сергей Зверев-Кыыл Уолун күнэ бэлиэтэнэр. Бу кини төрөөбүт бэлиэ күнэ буолбатах, аар тайҕа ырыаһыта бастакы улахан хайҕалын – САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатын ылбыт күнэ. Бу күн Сунтаарга хаһыс да төгүлүн “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” диэн норуот айымньытын 9 көрүҥэр күрэс ыытыллар буолбута. Кыыл Уола 9 көрүҥҥэ дэгиттэр дьоҕурдаах киһи этэ. Онтон бу сырыыга улуу киһи үбүлүөйүн көрсө, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киинигэр, долгуйар Дьокуускай куоракка ыытыллар буолла.
Күрэс үөрүүлээх арыллыыта П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар муус устар 4 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан буолуоҕа. Маны тэҥэ, тэрээһиннэр “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыахтара.

Фольклор күрэһэр икки бөлөҕүнэн кытталлар: 1 бөлөх — 17-гэр диэри саастаах оҕолор; 2 бөлөх — 18-тан үөһэ саастаах улахан дьон.

Күрэс 9 көрүҥүнэн ыытыллар:
“Тойон ымыйа тула мустан” тойук күрэһэ;
“Оллоонноон олорон олоҥхолуох” олоҥхо күрэһэ;
“Оһуокай – саха алгыстаах үҥкүүтэ” оһуокай күрэһэ;
“Саха ыллыыр ырыата” норуот ырыатын күрэһэ;
“Тыл сүмэтэ” үгэ, чабырҕах, уус-уран ааҕыы күрэһэ;
“Төрүт дорҕоон” саха музыкальнай үнүстүрүмүөннэригэр оонньооһун күрэһэ;
“Саха үҥкүүтүн сарсыҥҥыта” бөлөҕүнэн төрүт үҥкүү күрэһэ;
“Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ” ат симэҕин оҥорооччулар көрүү-күрэстэрэ;
“Дэгиттэр быһах” саха быһаҕын көрүү-күрэс.

Кыттааччы кэлэр-барар, аһыыр, хонор ороскуотун бэйэтэ уйунар. Сайаапканы муус устар 1 күнүгэр диэри туталлар. Кыттааччы пааспарын, ИНН, СНИЛС куопуйаларын күрэс буолар күннэригэр илдьэ сылдьара ирдэнэр. Бары көрүҥҥэ сахалыы таҥас булгуччулаах.

КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХТАРГА:
— улахан дьоҥҥо — 300 000 (үс сүүс тыһыынча) солкуобай;
— оҕолорго – 100 000 (сүүс тыһыынча) солкуобай;
• оһуокай Дархан этээччитигэр – 100 000 (сүүс тыһыынча) солкуобай;
• хас биирдии көрүҥҥэ I, II, III үрдэллэр, анал ааттар олохтонуохтара;
• хас биирдии кыттааччыга туоһу суруктар туттарыллыахтара.

Сайаапкалары электроннай аадырыска: suncul1980@mail.ru ыытыаххытын сөп. Билсэр нүөмэргит:  89141153503.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: