Салгыы
Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын суумата төһө буолла?

Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын суумата төһө буолла?

31.01.2024, 13:36
Хаартыска: kp.ru
Бөлөххө киир:

Сыл аайы олунньу 1 күнүттэн иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын суумата индексацияланар. Төһө буолла?

Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ федеральнай Ийэ хапытаалын  30%-гар тэҥнэһэр. Бу олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата үрдүөхтээх. Онон 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын сууматын  кээмэйэ:

  • 189 114 солкуобай (оҕо 2019 сыллаахха төрөөбүт буоллаҕына);
  • 249 907 солкуобай (оҕо 2020 сылтан ыла төрөөбүт буоллаҕына).

Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын РФ гражданнара, Саха сиригэр 3 сылтан аҕыйаҕа суох кэмҥэ олорбут уонна федеральнай Ийэ хапытаалын ыларга сэртипикээттээх буоллахтарына, 2019 сыл тохсунньутуттан иккис оҕолоро төрөөтөҕүнэ, ылаллар.

Ким ылыан сөбүй?

Дьахтар иккис оҕотун төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллаҕына);

Эр киһи иккис оҕотугар соҕотох иитэ ылааччы (усыновитель) буоллаҕына.

Хапытаалы туохха туһаныахха сөбүй?

  • Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга;
  • оҕо үөрэнэригэр;
  • инбэлиит оҕо социальнай адаптациятыгар анаммыт табаардары, өҥөлөрү ыларга.

Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын ыларга Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ), эбэтэр, e-yakutia.ru порталга сайабылыанньа биэриэххэ наада.

Ирдэнэр докумуоннар:
— пааспар,
— Саха сиригэр 3 сылтан итэҕэһэ суох олорбуту туоһулуур докумуон;
— оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэлэр;
— Ийэ хапытаалын сэртипикээтин ылбыты туоһулуур сибидиэнньэ.

☎ 8 (800) 100-0001 төлөпүөҥҥэ босхо эрийэн, социальнай көмө туһунан ыйыталаһыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 мая
  • 8°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 29% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: