Хаандыгаҕа үс киһи суорума суолланна

Хаандыгаҕа үс киһи суорума суолланна

26.12.2023, 10:15
Хаартыска: СӨ ЫБМ
Бөлөххө киир:

Баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа Томпо оройуонун Хаандыга бөһ. П.Алексеев аатынан уулуссаҕа кэтэх ыал гарааһыгар уот турбутун туһунан иһитиннэрии кэлбитэ.

Бастакы баһаарынай подразделение кэлбитигэр гараас күүдэпчилэнэ турара. Ол түмүгэр 48 кв. м. иэннээх гарааһы барытын уот хаппыта биллибитэ.

Хомойуох иһин, баһаарга үс киһи суорума суолламмыт.

Быһылаан миэстэтигэр Арассыыйа ЫБМ дознавателэ үлэлиир. Уот турбут биричиинэтэ, буруйдаах уонна төһө хоромньу тахсыбыта быһаарыллар.

Уоту бохсууга Өрөспүүбүлүкэтээҕи баһаарынай тэрилтэ 5 киһи уонна үс тиэхиньикэ үлэлээтэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ЫБМ матырыйаалынан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: