Салгыы
Хорообут сайдар

Хорообут сайдар

12.02.2024, 17:41
Хаартыскаларга Ж.Стрюкова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ситэриилээх былаас нэһилиэнньэҕэ отчуота Мэҥэ Хаҥалас Хорообутугар ыытыллар. Онон хорообуттар ааспыт сыллааҕы үлэ-хамнас туһунан сиһилии истээри түмүстүлэр.

Xорообут 2015 с. тутуллубут мааны оскуолалаах, оскуола иһигэр интэринээт, дьыссаат бааллар. Кулууптара былырыын өрөмүөннэммит, тыа сиригэр сайдыылаах көрүҥнээх бөһүөлэк.
Отчуоттуур көрсүһүүгэ баатаралар курдук элбэх киһи муһунна. Ордук «СӨ ОДьКХ» ГУП филиалын Хорообуттааҕы салаатын үлэһиттэрэ, биэнсийэлээхтэр кэлбиттэрэ харахха быраҕыллар. «Миигин кэллэ диэн бары испииһэккитигэр бэлиэтээҥ», — диэн этэллэрэ да нэһилиэнньэ көхтөөҕүн кэрэһилиир.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга оскуола ыстаарсай иитээччитэ Евгения Сосинаҕа үөрэх уонна наука министиэоистибэтин наҕараадатын туттардылар.
Улууска ситэриилээх былаас отчуоттуур иккис бөлөҕүн өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин салайар. Кини хорообуттарга гаастааһын боппуруоһун туһунан сиһилии кэпсээтэ. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥаласка Сыымах, Хорообут, Нуораҕана, Балыктаах, Матта нэһилиэктэрэ гаас киирэригэр наадыйаллар. Саҥа дьыл иннинэ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов уонна Хорообут баһылыга Гаврил Бродников тустаах министиэристибэҕэ киирэн бу боппуруоһу быһаарсыбыттар.Онон бөһүөлэк икки ардынааҕы гаастааһын бырайыагын саҕалыахтара. Ити үлэ Суола Мэлдьэхсититтэн кэлиэхтээх. Онон отчуот хара ааныттан дьыалабыайдык саҕаланна.
Үгүс ыйытыы киирдэ. Ол курдук, сылгылары көрүү саҥа бэтэринээринэй ирдэбиллэрин, үөрэх тэрилтэлэрин каадыр боппуруоһунан хааччыйыы, исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы тустарынан ыйыттылар. Мэҥэ Хаҥаласка 3-4 куурус устудьуоннарын үлэлэтии тэриллэн эрэр эбит. Мария Моисеева ыйытыылары биэриигэ олус көхтөөхтүк кытынна. Баһылык Гаврил Бродников отчуоту бэркэ иилээтэ-саҕалаата.

Павел Скрябин сыл аайы уот барар кыһалҕатын таарыйда. Ону тэҥэ Е.Михайлова үөрэх миниистирдиирин саҕана 13 хамнас диэн төлөнөрүн ахтан ааста. Онон учууталы көҕүлүөххэ диэн санааны эттэ.

«Оҕону төлөбүрдээх да, босхо да үөрэттэрэбит, олор ханна бүтэрэн үлэлииллэрий? Тоҕо ыччат министиэристибэтэ отчуокка кыттыбатый? Үөрэхтэрин бүтэрбиттэр ханна баралларый?», — диэн эттэ Валерий Колосов. Онон выпускниктар үлэҕэ киириилэрин ырытыы наадатын ыйда. Валерий Афанасьевич маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп хайдах үллэһиллибитин сиһилии токоолосто. Онно тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин департаменын салайааччыта А. Колодезникова сиһилии хоруйдаата. Онон хорообуттар тыа хаһаайыстыбатын үбүн-аһын биллилэр.

Отчуоту истэ олорон, нэһилиэнньэ мунньахха төһө элбэх кэлэр даҕаны, соччонон элбэх ыйытыы киирэрин бэлиэтии иһиттим. Бэл, геологическай үлэ ыытыллыытын сэргииллэр. Онуоха Михаил Кириллин кэпсээтэ.

Кулууп исписэлииһэ Татьяна Тролукова кыра биэнсийэлээх киһи нэһилиэккэ элбэҕин бэлиэтээн, бу боппуруоһу көрөллөрүгэр көрдөстө. Мария Моисеева маны сэргэ пластигы хомуйан туттарыыны тэрийиэххэ диэн экология боппуруоһун таарыйда. Павел Скрябин сыл аайы ыйытыы аччаан иһэрин, ол аата олохпут тупсан иһэр буоллаҕа диэн туран, бырабыыталыстыбаҕа махтанна. Валерий Колосов бырабыыталыстыба тутууга, сири оҥорууга, сүөһүнү атыылаһыыга көмөлөһөрүн бэлиэтээн туран:» Хорообукка гаас кэлэригэр үлэ-хамнас саҕаламмытын биһирээтим», — диэтэ.

Ити курдук, ситэриилээх былаас отчуоттуур мунньаҕар 80 киһи кытынна.

Хаартыскаларга Женни Стрюкова түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: