“Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала”
Ийэни өйүүр социальнай көмөлөр
Хас биирдии кыыс, дьахтар ийэ буолар үрдүк аналлаах. Ийэни ханнык баҕарар уопсастыба үрдүктүк тутар, киһи аймах махтанар. Ийэттэн норуот кэскилэ тутулуктаах. Кырачаан киһини тоҕус ый иһигэр илдьэ сылдьан баран, бүөбэйдээн, көрөн-истэн улаатыннарарга, үөрэттэрэргэ, киһи-хара оҥорорго элбэх сыра, бириэмэ, үп барар. Ол иһин судаарыстыба ийэни бары өттүнэн өйүүр.
Аан дойду дьахталларын күнүгэр ийэни өйүүр социальнай көмө туһунан таһаарабыт.
Ийэлэр наҕараадалара
Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ийэлэр ханнык судаарыстыбаннай наҕарааданы ылалларый?
«Дьоруой Ийэ» уордьаны уонна 1 мөлүйүөн солкуобайы 10-тан элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэлэр ылаллар. Бу ааты иҥэрэр кэмҥэ онус оҕо 1 сааһын туолбут буолуохтаах.
«Төрөппүт Албан аата» уордьаны уонна 500 тыһыынча солкуобайы 7-тэн элбэх оҕону төрөппүт (эбэтэр, иитэ ылбыт) төрөппүттэр ылаллар. Аҥаардас төрөппүт эмиэ ылыан сөп. Уордьаны ылар кэмҥэ сэттис оҕо 3 сааһын туолбут буолуохтаах.
«Төрөппүт Албан аата» уордьан мэтээлинэн уонна 200 тыһыынча солкуобайынан 4-тэн элбэх оҕону төрөппүт (эбэтэр, иитэ ылбыт) төрөппүттэр наҕараадаланаллар. Мэтээли туттарар кэмҥэ төрдүс оҕо 3 сааһын туолбут буолуохтаах.
Саха сиригэр ийэҕэ туспа наҕараадалар бааллар.
Ийэ күнэ 1993 сыллаахха бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев ыйааҕынан олохтоммута, сыллата алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр.
«Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ элбэх оҕолоох, көхтөөх уопсастыбанньык, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылаатын киллэрбит ийэҕэ бэриллэр. Күндү таастарынан киэргэтиллибит бэлиэ уонна 100 тыһыынча солкуобай сыл аайы үс ийэҕэ туттарыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Дьоруой Ийэ» бэлиэтин уонна 1 мөлүйүөн солкуобайы 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит, Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Онус оҕо 2000 сылтан бэттэх төрөөбүт буолуохтаах.
«Ийэ албан аата» III истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 100 тыһыынча солкуобайынан
7 оҕолоох ийэлэр;
«Ийэ албан аата» II истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 200 тыһыынча солкуобайынан
8 оҕолоох ийэлэр;
«Ийэ албан аата» I истиэпэннээх бэлиэнэн уонна 300 тыһыынча солкуобайынан
9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар.
Быйыл, тохсунньу 23 күнүгэр, бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйаах таһааран, федеральнай таһымҥа элбэх оҕолоох ыал статуһун сокуонунан бигэргэттэ уонна эбии көмө миэрэлэрин киллэрдэ.
Бу ыйаах чэрчитинэн, элбэх оҕолоох ийэ кырдьар сааһынан страховой биэнсийэҕэ эрдэ тахсара көҥүллэнэр буолла. Сыла-ыйа, ымпыга-чымпыга кэлин чуолкайданан, туспа нуорма быһыытынан оҥоһуллан тахсыахтаах.
Ийэ хапытаала
Олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата үрдээн, бастакы оҕоҕо — 631 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Иккис оҕоҕо үрдэтиллибит хапытаал — 833,8 тыһыынча солкуобай буолла.
Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын сууматын кээмэйэ:
189 114 солкуобай (оҕо 2019 сыллаахха төрөөбүт буоллаҕына);
249 907 солкуобай (оҕо 2020 сылтан ыла төрөөбүт буоллаҕына). Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын РФ гражданнара, Саха сиригэр 3 сылтан аҕыйаҕа суох кэмҥэ олорбут уонна федеральнай Ийэ хапытаалын ыларга сэртипикээттээх буоллахтарына, 2019 сыл тохсунньутуттан иккис оҕолоро төрөөтөҕүнэ, ылаллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата – 300 тыһыынча солкуобай.
«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Финансовая поддержка семей при рождении детей» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир.
Бу бырайыагынан көмө хас да көрүҥэ баар.
— бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биирдэ бэриллэр төлөбүр. Төлөбүр кээмэйэ: 1-кы зонаҕа — 52 790 солкуобай, 2-с зонаҕа — 44 218 солкуобай;
— эдэр ыаллар бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) оҕо таҥаһын, малын ыларга анаан биирдэ бэриллэр төлөбүр: (төлөбүр кээмэйэ — 8156 солкуобай);
— үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр (оҕо 3 сааһын туолуор диэри): төлөбүр кээмэйэ: 1-кы зонаҕа — 26 395 солкуобай, 2-с зонаҕа — 22 109 солкуобай.
Маны тэҥэ, “100 сыл оҕолоро” хапытаал; эдэр ыаллар бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ, оҕо аһын-таҥаһын ылалларыгар бэриллэр төлөбүр; үс игирэ оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ ыларга бэриллэр төлөбүр; хат дьахталларга Биир кэлим босуобуйа; эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга биирдэ бэриллэр төлөбүр; хат буоларга уонна төрүүргэ босуобуйа; оҕо көрөн олорорго босуобуйа, о.д.а. көмөлөр бааллар.
“Саха сиригэр ийэ буолууну, оҕо аймаҕы өйүүр социальнай миэрэлэри үбүлээһин кээмэйэ 26,5 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр”
Үлэлиир ийэни сокуон көмүскүүр
3-гэр диэри саастаах оҕолоох ийэлэр үлэ чааһыгар сокуонунан туох көмүскэллээхтэрий? Оҕо 3 сааһын туолуор диэри дьиэҕэ көрөн олорорго уоппуска бэриллэр.
Ийэ үлэлиир буоллаҕына, оҕо аҕата, эбэтэр, эбэтэ-эһэтэ, чугас аймаҕа маннык уоппусканы эмиэ ылыахтарын сөп. Ийэ дэкириэттэн эрдэ тахсан, үлэлээн бардаҕына, ый аайы бэриллэр босуобуйаны син биир ылаллар (балтараа сааһыгар диэри).
Ийэ үлэлиир буоллаҕына, оҕону аһатарга үлэ кэмигэр тохтобуллар көҥүллэнэллэр (оҕо балтараа сааһыгар диэри). Бу тохтобуллар үлэ чааһын курдук ааҕыллаллар уонна орто хамнас кээмэйинэн төлөнөллөр. Үлэ чааһын таһынан уонна өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга үлэлэтиигэ, командировкаларга ыытыыга хааччахтар бааллар. Ийэ мантан аккаастанар бырааптааҕын билэн туран, суругунан сөбүлэҥин биэрбит эрэ буоллаҕына, үлэни биэрээччи маннык түгэҥҥэ үлэлэтэр кыахтаах.
Үлэни биэрээччи бэйэтин баҕатынан 3-гэр диэри саастаах оҕолоох дьахтары үлэтиттэн ууратар бырааба суох. Тэрилтэ ыһыллар, ИП үлэтин тохтотор эрэ түгэнигэр, ууратыахтарын сөп. Эбэтэр, дьахтар үлэҕэ эбээһинэстэрин хаста да куруубайдык кэһэр буоллаҕына.
Биэнсийэлээх ийэҕэ көмө
Саха сиригэр 27 986 биэнсийэлээх сокуоннай саастарын туола илик оҕолору иитэн олорор. Кинилэр страховой биэнсийэлэригэр эбии үрдэтиллибит төлөбүрү ылаллар.
Кинилэр иитиллээччилэригэр чугас аймахтара эрэ киирэллэр — 18 саастарын туола илик бэйэлэрин оҕолоро (салгыы үөрэнэр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри); 18 саастарын туола илик бииргэ төрөөбүттэрэ уонна сиэннэрэ (үлэлиир кыаҕа суох төрөппүттэрдээх буолахтарына). Манна эмиэ оҕо орто, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааска диэри уһаан биэрэр.
Сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох төрөппүттэр иккиэн биэнсийэлээх буоллахтарына, иккиэн эбии төлөбүрү ылаллар. Эбии төлөбүр оҕо ахсын бэриллэр (3 оҕоттон элбэҕэ суох).
Оҕоҕо эбии төлөбүр кээмэйэ — 2555 солкуобай, икки оҕоҕо — 5044 солкуобай, үс оҕоҕо — 7567 солкуобай.
Бу эбии төлөбүр үлэлиир да, үлэлээбэт да страховой биэнсийэлээхтэргэ бэриллэр. Оҕо үөрэҕиттэн уһулуннаҕына, кэтэхтэн, тэйиччиттэн үөрэххэ көстөҕүнэ, бу төлөбүр тохтуур, бэриллибэт. Устудьуон академическай уоппусканы ыллаҕына, бэриллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: