Салгыы
Ил Дархан элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан Ыйаахха илии баттаата

Ил Дархан элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан Ыйаахха илии баттаата

26.04.2024, 21:53
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өйөөһүн эбии дьаһалларын туһунан» Ыйаахха илии баттаата. Бу ыйаах элбэх оҕолоох ыаллар олохторун уйгутун үрдэтиигэ, элбэх оҕолоох ыаллар институттарын бөҕөргөтүүгэ уонна харыстааһыҥҥа туһуланар диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ыйаахха сөп түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыалыгар олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө олохтоммут төлөбүрүн кээмэйиттэн 30 бырыһыантан намыһах суумалаах чэпчэтии оҥоһуллар.

Элбэх оҕолоох ыаллар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһынан хааччыллыахтара, ону таһынан куорат иһигэр уонна куорат таһынааҕы оптуобустарга, дьиэ кэргэн дохуотуттан туулуга суох, босхо айанныахтара. Үөһэ ыйыллыбыт элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн эбии дьаһаллара 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатыгар 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри сөптөөх нуормалыр-быраап аахталарын ылынарга уонна бу ыйаах олоххо киириитин кытта сибээстээх үбүлээһин ороскуотун  быһаарарга сорудахтаата.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин элбэх оҕолоох ыал дойдуга саҥа нуорманан, уопсастыбаҕа сыаналаныахтаах уонна холобурунан буолуохтаах диэн соругу туруорбута. Үс, түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыал бэйэтэ үрдүк ыстаатыстаах, онон судаарыстыба өттүттэн өйөнүллүөхтээх.

Саха сиригэр былыр-былыргыттан элбэх оҕолоох буолуу үгэһэ баар. Бүгүн Уһук Илин элбэх оҕолоох ыалын 1/5 Саха сиригэр олорор. Ити 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал буолар, онно 118 тыһыынчаттан тахса оҕо баар.

Саха сиригэр Дьиэ кэргэн сылыгар улахан болҕомто ууруллар уонна элбэх оҕолоох ыалларга, эдэр ыалларга барыларыгар көмө оҥоһуллар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ хапытаалын, оҕо төрөөһүнүгэр, элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга, босхо сири биэриигэ бырагыраамалар толору олоххо киирэллэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 мая
  • 9°C
  • Ощущается: 8°Влажность: 40% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: