Ил Дархан Айсен Николаев Өлүөнэ муостатын тутуутун үбүн-харчытын боппуруоһун туруоруста
Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 14 күнүгэр Владимир Путины кытары быһа сибээһинэн кэпсэттэ. Владимир Владимирович Саха сиригэр оробуочай сырыытыгар бэлэмнэнии үлэтэ бара турарын иһитиннэрдэ.
Владимир Путин кэпсэтии иннинэ: “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр командировкам былааннанан турар. Бу кэпсэтиибитигэр сүрүн боппуруостары ылан көрүөххэ. Мин билэрбинэн, бэбиэскэҕэ Өлүөнэ муостатын тутуута, доруобуйа харыстабылын боппуруостара бааллар”, — диэн эттэ.
Айсен Сергеевич доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар сыһыаран, өрөспүүбүлүкэҕэ сыстыганнаах ыарыылары эмтиир балыыһа тутуллуон наадатын бэлиэтээтэ.
— Кэлиҥҥи алта сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр перинатальнай киин, сүрэх, тымыр ыарыыларын, искэни эмтиир балыыһалар курдук улахан эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр. Түгэнинэн туһанан, Саха сирин олохтоохторун махталларын тиэрдиэхпин баҕарабын. Бу балыыһалар билигин Национальнай кииммитин кытары биир ситимҥэ киирэн, мэдиссиинэ сайдыытыгар улахан төһүү буоллулар. Бу ситиммитигэр биир эрэ хайысхабыт киирбэккэ турар. Ол – сыстыганнаах ыарыылары эмтиир балыыһабыт. Тутуу бырайыага оҥоһуллан, чинчийиитин барбыта, — диэн иһитиннэрдэ.
Владимир Владимирович кэпсэтии кэмигэр элбэх оҕолоох ыаллар туруктаах, дохуоттаах буолууларыгар, Муусука үрдүкү оскуолатын иитиллээччилэригэр, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматыгар болҕомтотун хатаата. Ил Дархан Айсен Николаев хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын туһунан этэригэр, билигин бырагырааманы олоххо киллэриигэ үп-харчы тиийбэккэ турарын иһитиннэрдэ.
— Бу бырагыраама киирэригэр 2018-2019 сыллардаахха дьиэлэри тутуу орто сыананан ааҕыллыбыта. Билигин ити харчы тиийбэт. Онон элбэх хаарбах дьиэлэрдээх эрэгийиэннэргэ тутууну ыытыы уустугурда. Биһиги эрэгийиэммитигэр тутуу көхтөөхтүк бара турар эрээри, хаарбах дьиэлэрбитин барытын суох оҥорорбутугар син-биир көмө наада, — диэн эттэ.
Федерацияттан үбүлээһин чааһыгар Айсен Сергеевич Өлүөнэ муостатын тутуутун үбүн-харчытын боппуруоһун быһаарыахха наадатын эттэ. Манна кини үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ өттүттэн 50 бырыһыан, федерацияттан эмиэ 50 бырыһыан буолуохтааҕын туруоруста. Билиҥҥи былаанынан, федеральнай бүддьүөттэн, өрөспүүбүлүкэттэн уонна чааһынай инвестицияттан тэҥинэн отут үстүү бырыһыан диэн ааҕыллан турар. Ол эбэтэр федеральнай бүддьүөт тутуу 33 % эрэ уйунар, оттон улахан аҥаарын – 66 % — Саха сирэ төлүүр.
Итини таһынан Ил Дархан кэпсэтиигэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баазатын хаҥатыы, Медицинскэй институту тутуу туһунан этэн туран, Саха сирэ университеттар кампустарын тутуу куонкуруһугар кыттыаҕын иһитиннэрдэ. Санатан эттэххэ, Владимир Путин быйылгы туһаайан этиитигэр дойду үрдүнэн 40 кампус тутуллуоҕун туһунан иһитиннэрбитэ. Манна анаан бүддьүөттэн 400 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх.
Түмүккэ Владимир Путин Саха сирин байыастарыгар дириҥ махталын биллэрдэ, Ил Дархан Айсен Николаев көрсүһүүгэ туруорбут боппуруостарын харандааска ылбытын эттэ.
— Бастатан туран, Саха сирин байыастарыгар махталбын тиэрдэбин. Кинилэр – аҕа дойдуга бэриниилээх, хорсун-хоодуот, күүстээх санаалаах буолуу чаҕылхай холобурдара. Билэбин, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох баар көмөнү барытын оҥоро олороҕут, салгыы да бу көмөҕүтүн ыһыктымаҥ. Иккиһинэн, көрсүһүүбүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ турар боппуруостары иһитиннэрдиҥ. Балары уһаппакка-кэҥэппэккэ эрэ быһаарыаҕыҥ. Онон Саха сиригэр көрсүөххэ диэри, — диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: