Салгыы
Кирилл Бычков Алдан бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ кыахтаахтарын бэлиэтээтэ

Кирилл Бычков Алдан бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ кыахтаахтарын бэлиэтээтэ

13.02.2024, 13:58
Хаартыска - sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Алдан оройуонугар «Полюс Алдан» АУо Кураанаахтааҕы көмүс хостуур фабрикатын үлэтин-хамнаһын кытта билистэ. Кини сыахтар тиэхиньиичэскэй хааччыйыыларын кэрийэн көрдө. Манна руданы переработкалааһын сылга 7,5 мөл. туоннаҕа диэри тиэрдиллиэҕэ.

Ону сэргэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ «Хвойное» учаастакка «Селигдар» көмүс хостуур хампаанньа хайа-байытар фабрикалаах кэмбинээт тутулла турар сиригэр сырытта. Учаастакка вахтовай бөһүөлэк тутуллар, уопсай дьиэ бэлэмнэммит.

Хаартыска - sakha.gov.ru

«Маннык бырайыактары олоххо киллэрии биһиги өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй ыстаатыһын бөҕөргөтөр, ону тэҥэ саҥа үлэ миэстэтин тэрийэр уонна нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ көмөлөһөр», — диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.

2024 с. фабрикаҕа руданы тутар учаастак аһыллыбыт, конвейернай галерея тутуллуоҕа, технологическай оборудование кылаабынай куорпуһун саҥардыахтара, тиэхиньиичэскэй хааччыйыы уонна фильтрация куорпустара оҥоһуллуохтара. Сыл бүтүүтэ фабрика технологическай оборудованиетын пусконаладочнай үлэлэрэ саҕаланыахтаахтар. 2025 сылга фабрика бырайыактыыр кыамтата сылга 3 мөл. туонна руданы уонна 2,5 туонна көмүһү хостооһуҥҥа тиийиэхтээх.

Хаартыска - sakha.gov.ru

«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнай салаатын сайыннарыы стратегиятын чэрчитинэн, Саха сирин үлэлиир тэрилтэлэрин өйөөһүн уонна сайыннарыы сүрүн миэстэни ылар», — диэн эттэ Кирилл Бычков.

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕө Алдан, Томмот, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтоохторун кытары көрсүһүүлэри  тэрийэн ыытыаҕа.

Хаартыска - sakha.gov.ru

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: