Клара Троева: «Төннөөр, Кыайыы көтөллөөх»
19.10.2022, 15:29
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 15-с кыттааччыта Уус Алдан Бороҕонуттан Троева Клара Николаевна:
Төннөөр, Кыайыы көтөллөөх
Аҕа дойду ыҥырда
Бэлэмнээх, кыанар дьону,
Дойдуну көмүскүүргэ
Андаҕайбыт боотуру.
Улуу Кыайыы кэнниттэн
Өстөөх хаттаан тилиннэ,
Сирбитигэр суудайар,
Былаас иһин охсуһар.
Кыайыылаах саллаат сиэнэ
Көҥүл иһин турунна,
Кыайар-хотор дьулуурдаах
Алааһыттан арахта.
Эрэнэбит эйиэхэ,
Саха ньургун уолугар,
Эн самныбат санааҕар,
Хорсун, хоодуот бэйэҕэр.
Албан ааттаах норуоппут
Улууканнаах кыайыыта
Үс куккун бөҕөргөттүн,
Күүскэр күүс, эрэл эптин.
Ньургун Боотур тирэхтээх,
Хос эһэттэн арчылаах,
Бар дьоҥҥуттан алгыстаах,
Тыыннаах хаалар эрэллээх,
Көмүскээ биһигини,
Арассыыйа ийэни,
Дьиэҕин-уоккун, оҕоҕун,
Сахаҥ сирин, дойдугун.
Этэҥҥэ, чэгиэн сылдьан,
Ытык иэскин төлөөҥҥүн,
Төннөөр, Кыайыы көтөллөөх,
Эйэ, Олох кэһиилээх.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: