Күүстээх кикбоксердар түһүлгэҕэ түмүстүлэр
Бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр, Дьокуускайга эр дьоҥҥо уонна дьахталларга кикбоксиҥҥа (лоу-кик) Уһук Илин чөмпүйэнээтэ саҕаланна.
«Дохсун» успуорт уораҕайыгар күрэхтэһиигэ Уһук Илин ФУо сэттэ эрэгийиэниттэн 118 спортсмен күөн көрсөр. Манна бааллар Приморье, Хабаровскай кыраайдарыттан, Камчаткаттан, Амур уобалаһыттан, Бурятияттан, Сахалинтан уонна Саха сириттэн. Саха сирин чиэһин отучча спортсмен көмүскүүр.
Чөмпүйэнээккэ саастарынан үс бөлөххө арахсаллар. Оҕолор, юниордар уонна улахан дьон диэн. Кикбоксердар бүгүн күүстэрин холоһоллор. Сарсын полуфиналга көрсүөхтэрэ. Оттон өрөбүлгэ кыайыылаахтар биллиэхтэрэ. Барыта 19 араас ыйааһынынан киирсэллэр.
Саха өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнара:
Эр дьон: Спиридон Антонов, Иван Степанов (51 кг), Михаил Слепцов (54 кг), Никита Ковлеков (57 кг), Сергей Иванов, Мичил Юшков, Тимофей Сивцев (60 кг), Вадим Колтовской, Антон Ле, Виктор Ломпоров, Филипп Кузьмин, Павел Попов (63,5 кг), Егор Евстафьев, Габриел Афанасьев, Данис Спрязев, Дмитрий Иванов, Максим Леонтьев (67 кг), Айтал Петров, Виктор Попов (71 кг), Гэсэр Гатыпов (75 кг), Валентин Шелепанов, Артём Будко (81 кг), Михаил Еремеев (86 кг), Адулай Хуцуруев (91 кг).
Дьахталлар: Надежда Павлова (48 кг), Виктория Кашлакова (52 кг), Юлия Петрова, Айдана Мирбекова (56 кг), Сарыада Брызгалова (63,5 кг).
Успуорт бу көрүҥэр аан дойду бастакы чөмпүйүөнүнэн буолбут Александр Иванов кэриэһигэр анаммыт күн күрэс кулун тутар 1 — 3 күннэригэр ыытыллар. Финалга киирбиттэр — Кемерово куоракка Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттар бырааптаналлар. Маны сэргэ, күрэхтэһии «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга сүүмэрдиир түһүмэҕинэн буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар «Всей семьей» бырайыак саҕаламмыта. Бу бырайыакка кыттааччылар тэрээһиннэргэ сылдьаллар, уустуга суох сорудахтары толороллор уонна бириис тутан ылыахтарын сөп. Бырайыак саайта: всейсемьей.рф
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: