Салгыы
Ленскэйгэ сурдолог-быраастар үлэлээтилэр

Ленскэйгэ сурдолог-быраастар үлэлээтилэр

04.03.2024, 14:57
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

М.Е.Николаев аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ национальнай киинин сурдолог-быраастара Ленскэй улууһугар дьиэ кэргэттэр доруобуйаларын көрдүлэр.

“Дьиэ кэргэнинэн истэрбитин бэрэбиэркэлиибит” аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар чинчийиигэ сурдолог-быраастар  42 дьиэ кэргэн, ол иһигэр 90 улахан киһи уонна 36 оҕо кулгааҕын бэрэбиэркэлээтилэр.

«Көһө сылдьар биригээдэ кулгаах араас ыарыытын быһаарарга элбэх үлэни ыытта. 81 киһи истэрэ мөлтөөбүтэ (тугоухость) саҥа билиннэ. Кинилэргэ эмтэнэллэригэр уонна чөлүгэр түһэрэр дьарыктары сүбэлээтилэр. Түөрт киһини кулгааҕын дириҥник чинчиттэрэ уонна истибэтинэн инбэлииккэ тахсыы докумуоннарын толорторо Мэдиссиинэ национальнай киинин Сурдология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр ыыттылар. Ону таһынан сорохтору “хроническай отит”, “кондуктивнай тугоухость” ыарыыларынан  Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа эмтэнэллэригэр эттилэр”, — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин  штатын таһынан сүрүннүүр сурдолога Надежда Ильина иһитиннэрдэ.

Биригээдэ састаабыгар сурдолог-оториноларинголог Изабелла Махилева, аудиометристка Туяра Захарова бааллар. “Дьиэ кэргэнинэн истэрбитин бэрэбиэркэлиибит” көһө сылдьар аахсыйа сылы быһа ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: