Салгыы
«Муус устар»: «ЭТнО — МЫ!» күрэскэ Гран-прины мэҥэ хаҥаластар ыллылар

«Муус устар»: «ЭТнО — МЫ!» күрэскэ Гран-прины мэҥэ хаҥаластар ыллылар

17.02.2024, 11:55
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Муус устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар «Время традиций» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс түмүктэннэ. Кыайыылаахтары үс хайысханан: «Национальный обряд», «Этномир Якутии», «ЭтноБлог в ТОПе» быһаардылар, онтон  «Время традиций» күрэс Гран-при хаһаайынынан Мэҥэ Хаҥалас улууһа буолла. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Талар түһүмэххэ 24 улуустан уонна Дьокуускайтан барыта 412 ыччат  кыттыбытыттан, финалга 65 киһи тахсыбыта.

Саамай элбэх кыттааччы  – 287 киһи «Этномир Якутии»онлайн-квизка кытынна. 

Манна Нерюнгриттан Ляридо Игнатенко, Өлүөхүмэттэн Наталья Есаулкова уонна Сунтаартан Матрена Сахатаева кыайдылар.

«Национальный обряд» номинацияҕа Булуҥтан Антон Самойлов уонна Ньурбаттан Айаана Федорова кыайдылар.

«ЭтноБлог в ТОПе» номинацияҕа Мэҥэ Хаҥаластан  Айта Васильева кыайда.

«Муус устар» ыччат бэстибээлэ 2021 сылтан ыытыллар. Араас хайысханан эдэр талааннары көрдүүр, өйүүр, таһаарар, ыччаты көҕүлүүр сыаллаах. Бэстибээли СӨ Бырабыыталыстыбата уонна «Эльгауголь» хампаанньа тэрийэллэр.

«Муус устар» бэстибээл эдэр дьоҥҥо бэйэлэрин биллэрэллэригэр, талааннарын сайыннаралларыгар, араас интеллектуальнай, спортивнай, айар күрэстэргэ бэйэлэрин холонон көрөлллөрүгэр, үөлээннээхтэрин кытта билсэллэригэр-көрсөллөрүгэр кыах биэрэр» диэн Бэрэсидьиэн Владимир Путин этэн турар.

СӨ  Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: