Намҥа үс күннээх кутурҕан күнэ биллэрилиннэ
Бүгүн, олунньу 15 күнүгэр, Нам улууһунааҕы ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна. Мунньаҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов ыытта.
«Хомойуох иһин, бүгүн Хамаҕатта нэһилиэгэр икки оҕо өлүүлээх дьиэ баһаара таҕыста. Билиҥҥи туругунан баһаар туох төрүөттэн тахсыбыта быһаарыллар.
Мунньахха тустаах тэрилтэлэр салайааччылара туох үлэ бара турарын иһитиннэрдилэр. Анатолий Иванович тэрилтэ салайааччыларын психологическай, материальнай көмөҕө бары өттүнэн кыттыһалларыгар ыҥырда.
Улуус үрдүнэн үс күннээх кутурҕан күнэ биллэриллэн, судаарыстыбаннай былаахтар түһэриллиэхтэрэ, ону сэргэ спортивнай уонна культурнай тэрээһиннэр тохтотуллуохтара»,- диэн
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: