Наукаҕа кэлэр үс сылга 1,5 трлн солкуобай көрүллүөҕэ

Наукаҕа кэлэр үс сылга 1,5 трлн солкуобай көрүллүөҕэ

09.02.2024, 10:30
Хаартыска РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Арассыыйа бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир наукаҕа уонна үөрэххэ сэбиэтин мунньаҕар кэлэр үс сылга наукаҕа көрүллэр үп 1,5 трлн солкуобайы куоһарыаҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Владимир Путин мунньахха Арассыыйа наукаҕа көрөр үбүлээһининэн биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарын бэлиэтээн эттэ. “Наукаҕа көрүллэр үбүлээһини уопсай ылан эттэххэ, биһиги бу эйгэҕэ элбэх үбү-харчыны көрөрбүтүнэн бастакы кэккэҕэ сылдьабыт. Кэлэр үс сылга бу эйгэҕэ үбүлээһин 1,5 трлн солкуобайы куоһарыаҕа”, — диэн бэлиэтиир.

Наукаҕа, үөрэххэ ыытыллар куонкурустар тустарынан этэригэр бэрэсидьиэн билигин куонкурустары Арассыыйатааҕы наука пуондатын нөҥүө ыытар ордугун бэлиэтээн эттэ. Ону сэргэ үлэ хаачыстыбатын тупсарар бырайыактарга (прикладные проекты) туспа үбүлээһини көрөргө сорудахтаата. “Мин санаабар, үлэлиир сири табыгастаахтык оҥорууга туһуламмыт бырайыактарга, научнай-технологическай сайдыы судаарыстыбаннай бырагырааматын үбүлээһин тыыппакка эрэ, эбии харчыны көрөр ордук”, — диэн этэр кини.

Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин 2016 сыллаахха Научнай-технологияческэй сайдыы стратегиятын бигэргэтэн турар. Бу стратегияҕа Арассыыйа науката хайа диэки сайдыахтааҕа, тугу ситиһиэхтээҕэ барыта ыйыллыбыта. 2018 сыллаахха бу докумуоҥҥа олоҕуран “Наука уонна университеттар” диэн национальнай бырайыак киирбитэ. Билигин бу национальнай бырайыагынан наука эйгэтин үгүс эбийиэгэр лабораториялар саҥардылыннылар.

#ВладимирПутин

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: