Оҕону социальнай ситимтэн көмүскүөххэ!
Аныгы технология олус сайдан суотабай төлөпүөнүнэн, планшетынан интэриниэккэ киирэн олорбот оҕо суоҕун тэҥэ. Онуоха үөрэх бу тэриллэри туттууну эмиэ ирдиир. Төһө даҕаны гаджет оҕо сайдыытыгар үтүө өттүнэн үөрэҕэр, олоҕор көмөлөөҕүн иһин, онлайн эйгэ хайдах-туох дьайыылааҕын үгүс киһи өйдөөбөт.
Хонтуруолга ылыахха
Социальнай ситим киэҥ далайыгар оҕону төрөппүт хонтуруола эрэ быыһыыр кыахтаах. Ол курдук, сыыппара эйгэтин куһаҕан дьайыыта доруобуйатыгар эрэ буолбакка, кини хайдах киһи-хара буолан тахсарыгар эмиэ олук уурар. Оҕолор билигин бары туспа каарталаах сылдьаллар. Үгүс бааннар төрөппүт хонтуруоллаах каарталары оҥороллор, төрөппүттэр оҕо ханна тугу атыыласпытын, төһөнү ороскуотурбутун хонтуруоллуур кыахтаахтар. Эмиэ бу курдук, тэлэбиисэргэ, төлөпүөҥҥэ оҕо тугу көрөрүн билиэхтээхтэр. Оҕо ханнык социальнай ситимҥэ суруйтарбытынан, төрөппүт онно эмиэ киириэхтээх диэн уйулҕа үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.
15 тыһыынча туһуттан эрэ дуо?
Красноярскай кыраайга саастарын ситэ илик икки уол тимир суолга баһаар оҥорорго сөбүлэспиттэр. Манньата – 15 тыһ. солк. Хата, полиция уонна Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын үлэһиттэрэ тахсыахтаах быһылааны тохтоппуттар. Оҕолорго маннык өй хантан киирбитий? Ким кинилэргэ манньа биэриэх буолбутуй? Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолорго социальнай ситимҥэ сэрэхтээх суруктар кэлитэлиир буолбуттар. Ол курдук, ити икки уолга оннук суруктар кэлбиттэр. Оҕолор харчылаһар туһуттан, уһуну-киэҥи санаабакка, сөбүлэспиттэр. Оҕолору куһаҕан дьайыыга модьуйбут, албынныы сатаабыт дьону Ачинскай-1 уонна Тарутино ыстаансыйалар икки ардыларыгар туппуттар. Бу ханна эрэ ыраах буолбакка, биһиги оҕолорбутугар эмиэ маннык модьуйуу суруктар, түргэнник харчылаһар туһунан этиилэр социальнай ситимҥэ кэлиэхтэрин сөп. Оҕолору толкуйа суох быһыыттан хайдах көмүскүүбүт?
Онлайн оонньуулар сэрэхтээхтэр
Билигин саамай сэрэхтээх – онлайн оонньуу. Касперскай лабораториятын дааннайа көрдөрбүтүнэн, 3-16 саастаах оҕолорго, 2022 сыл көрдөрүүтүнэн, кибер-атаака 57% үрдээбит. Ол курдук, ити сыл сэттэ мөлүйүөн виртуальнай атаака оҥоһуллубут. Roblox, Minecraft, Fortnite, Apex курдук киэҥник биллэр оонньууларга 878 фишинговай сирэйдэр оҥоһуллубуттар. Ол эбэтэр, оҕолорго саҥа муоданы, читтэри хачайдыылларыгар этиилэр киирэллэр эбит. Ол фишинговай сирэйдэри батыһан куһаҕан дьайыылаах файллары ылаллар. Кыра саастаах оҕолор үгүстүк төрөппүттэрин төлөпүөннэриттэн оонньуулларын түөкүттэр билбэт буолуохтара дуо? Төрөппүттэрин каарталарыттан харчы устаары, оҕолору туһаналлар. Ааспыт сыл көрдөрүүтүнэн, маннык атаакалар эмиэ элбээбиттэр. Сыл устата 4 мөл. курдук атаака аҥаардас оонньуунан сирэйдэнэн киирбит.
САНААЛАР
Туйаара Васильева, СӨ оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай:
– Билигин социальнай ситим нөҥүө оҕолор билбэт да дьоннорун кытта кэпсэтиэхтэрин, билсиэхтэрин сөп. Ол оҕо уйулҕатыгар, өйүгэр-санаатыгар куһаҕаннык дьайыан сөп. Сааһын ситэ илик оҕо уйулҕата чараас, олоххо уопута суох. Оҕолор социальнай ситимҥэ (страницаларын) сирэйдэрин кистээбэттэр. Олоххо көрүүлэрин, хомолтолорун барытын аһаҕастык суруйуохтарын сөп. Сымыйа, дьиҥнээх сонуннары интэриниэт ситимигэр араарар кыахтара суох. Барытыгар итэҕэйиэхтэрин сөп. Оҕону хайдах көмүскүөххэ сөбүй?
Хас биирдии төрөппүт эрдэттэн оҕотун кытта аһаҕастык кэпсэтэн, социальнай ситимҥэ туох куттал суоһуон сөбүн сэрэтиэхтээх. Билбэт дьоно суруйдахтарына, эппиэттиэ суохтааҕын кини өйдүөхтээх. Маны сэргэ, оҕо уонна төрөппүт икки ардыгар кистэлэҥ суох буоларын туһугар, ыкпакка-түүрбэккэ, кимниин суруйсарын, ханнык бөлөхтөргө социальнай ситимҥэ баарын бэрэбиэркэлиэхтээх. Туох эбит саҥа интэриэстэммит буоллаҕына, төрөппүт онно болҕомтун ууруохтаах. Холобур, оҕо дууһатын, ис санаатын баттыыр литэрэтиирэ, саа-саадах (оружие) туһунан кинигэлэри сэҥээрэр буоллаҕына, сэрэхэдийиэхтээх. Хайдах көмүскүүбүт, оҕобут эрэлин ылабыт? Бастатан туран, дьиэ кэргэн иһигэр эйэлээх, истиҥ сыһыан, үтүө үгэстэр баар буолуохтаахтар. Бииргэ алтыһыы оҕо уйулҕатыгар үчүгэй эрэ өттүнэн дьайар. Кимнээҕи кытта доҕордоһорун билэр, кинилэр төрөппүттэрин кытта ыкса сибээһи тутар наада. Дьиэ кэргэҥҥэ эрэллээх сыһыаны төрөппүт эрэ тэрийэр. Төрөппүттэрин кытта чугас сыһыаннаах оҕо туора дьон дьайыытыгар киирэн биэрбэт.
Марианна Николаевна, үс оҕо ийэтэ, Дьокуускай:
– Бэйэм оҕолору кытта үлэлиир буоламмын, төрөппүт оҕолорбор эмиэ социальнай ситимҥэ олорууну хонтуруоллуу сатыыбын. Оҕо ордук араас оонньууларга киирэн оонньуу олорон албыннатыан сөп. Сымыйа бириистэри, харчы сүүйүүтүн эҥин туһунан кэпсии сатыыбын. Уруккутааҕар билиҥҥи оҕолор көмүскэллэрэ намыһах дии саныыбын.
Константин Ефремов, Бүлүү улууһун олохтооҕо, ыал эһээтэ:
– Хомойуох иһин, билигин оҕолорго уустук кэм. Биһиги курдук күнү-күннүктээн таһырдьа оонньооботтор. Үөрэхтэрэ, олохторо барыта социальнай ситим нөҥүө эргийэр. Оҕо саас, дьиҥэ, оонньуу, мэниктээһин буоллаҕа. Онуоха билигин физкултуура да уруога аҕыйаҕа сөхтөрөр. Арай сиэннэрим ЗУМ-унан үөрэнэллэрин дьиктиргии санааччыбын. Олохпут барыта төлөпүөн нөҥүө буолбута оҕо өйүгэр-санаатыгар хайдаҕа буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: