Салгыы
Олохпут «лайктан» тутулуктанна дуо?

Олохпут «лайктан» тутулуктанна дуо?

07.07.2024, 15:00
pxhere.com
Бөлөххө киир:

Кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ дьон буола турар быһыыны-майгыны үгүстүк төлөпүөҥҥэ устар. Кинилэр аны холкутук олорон кэнсиэри көрбөттөр. Оннооҕор аһыыр астарын, оҕолорун, дьиэ кэргэттэрин туһунан кэпсээн барытын социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕатар буолбуттара сөхтөрөр.

Улааттахпына блогер буолуом…

Бу барыта хаһааҥҥыттан саҕаламмытай? Быһата, социаль­най ситим киэҥник сайдан барбытыттан. Быһата ким тус олоҕун аһаҕастык устан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, ол элбэх сурутааччыламмыта…

Кинилэр эттэригэр-сииннэригэр, сирэйдэригэр-харахтарыгар туох эпэрээссийэ, тупсарыы оҥорторбуттарыттан саҕалаан, бырааһынньык­тарга бэлэх-туһах атыыласпыттарын, тугу аһаабыттарын, ханна сынньаммыттарын барытын аһаҕастык таһаа­ран блогер аатын ылбыттара. Олоххо көрүү, ылыныы онтон ыла сыыйа уларыйбыта. Туохтан да кыбыстыбат, тугу да хоҥорууларыгар хоҥнорбот, дьон кыһалҕатын аанньа ахтыбат түгэннэр кытта бэлиэтэнэр буолбуттара. Ол курдук дьон үксэ ханна кимнээх арыгылаан баран охсуспуттарын, кыыһырсыбыттарын, эйэлэспиттэрин барытын социальнай ситим сыанабылыгар таһаарара. Дьон ис эйгэтэ, ис туруга сатарыйбытын манна бэлиэтии көрүөххэ сөп. Эдэр көлүөнэ, ыччат өттө социальнай ситимҥэ маннык дьону кумир оҥостор буолбута. Сыралаһан үлэлээбэккэ чэпчэкитик харчылаһыахха сөп диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Ол хайдах уонна туохтан? Мин билэр ыалым оҕолоро унньук­таах уһун күн устата төлөпүөнүгэр хатанар. Төрөппүттэрэ хайдах да хааччахтыыр диэни билбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, иллэҥ кэмнэригэр кинилэр эмиэ төлөпүөҥҥэ олороллор. Бу ыалы дьукаахтыы олорор дьон курдук эрэ көрүөххэ сөбүн дьиксинэ көрбүтүм. Кыыстарыттан инникитин туох идэлээх үлэһит буолуох­хунуй диэбиппэр, кини чап курдук «блогер буолуом» диэн соһуппута.

Куһаҕантан ас таһаарыныы…

Бу соторутааҕыта Жатай бөһүөлэгин таһыгар дьону тиэйэн испит оптуобус уонна «Тойота Раум» массыына харсыспыттара. Охсуу күүһүттэн  «Тойота Раум» массыына улаханнык алдьанан-кээһэнэн, суоппар сырдык тыына быстыбыта. Оттон оп­­туобус түннүгүн тааһа алдьаммыта. Тимир көлө иһигэр баар  50-ча киһиттэн уончата араас эчэйиини ылбыта. Ол эрээри бу саахалы, эчэйбит дьону ааһан иһэр массыыналаах дьон тохтуу-тохтуу төлөпүөннэригэр уста туралларын үгүс киһи бэлиэтии көрбүт. Дьон алдьархайыгар тоҥуй буолуу саха дьонугар-сэргэтигэр ама хаһааҥҥыттан баар буолбутай? Тоҕо дьон үксэ блогер буола сатыырый? Куһаҕаны аан бастакынан билэ охсорго, тарҕатарга дьулуһарый? Маннык хас да түгэни бэлиэтиэххэ сөп. Туораттан дьон иэдээнин устуу, көмөҕө ык­саабат буолуу дьон тоҥ сүрэхтэммитин туоһулуур. Бу өрөспүүбүлүкэ эрэ  иһигэр буол­бакка, дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт көстүү.

«Лайктан» тутулуктаах олох

Социальнай ситимҥэ бэ­­йэлэрин тус олохторун, хаартыскаларын киэҥник тарҕатар, аһаҕастык сүбэ-ама биэрэр дьон элбэх сурутааччыланар. Уйулҕа үлэһиттэрэ быһаар­быттарынан, оҕо саастарыгар улахан болҕомтону ылбатах, элбэх доҕордоммотох-­атастамматах киһи социальнай ситим нөҥүө бэйэтин дакаас­тыы сатыыр эбит. Кинилэр сурутааччыларыттан хайҕал, махтал тылларын истэргэ дьулуһаллар. Бу кыһалҕа, хомо­йуох иһин, оҕо саастан төрүттээх.  Оҕо сылдьан ситэ тапталы, болҕомтону ылбатах, ардыгар туоратыллыбыт да буо­луон сөп, маннык киһи мааны таҥас-сап, бүрүчүөскэ оҥотторон, ол туһугар анаан харчы төлөөн да туран хаартыскаҕа түһэн сыанабыл ыларга кыһаллар. Тус олоҕунан олорбокко төлөпүөн экранын нөҥүө олоҕу көрөр, ылынар буолар. Дьон ­«лайк» төһө туруорбутуттан олоҕо тутулуктанар. Оттон киһи балаһыанньаттан уонна дьон санаатыттан көҥүл буолуохтаах диэн психологтар этэллэр. Көҥүл эрэ киһи көҥүл дьону иитэн таһаарар кыахтаах.

Харчы эрэ туһуттан дуо?

Кинилэр дьиэлэрин-­уот­­тарын, дьиэ кэргэттэрин таһааран дьону угуйаллар. Күҥҥэ хастыы да сториһы, видеоны устан дьон болҕомтотун тардаллар. Дьиҥнээх олохторо, чугас дьоннорун кытта истиҥ сыһыаннара эмсэҕэлиэн сөп. Сорохтор элбэх суру­тааччыланан анал куурустары ыыталлар, дьону да үөрэтэр буолаллар. Элбэх коучтар, эмчиттэр, алгысчыттар, та­­лааны арыйааччылар, үҥкүүгэ-ырыаҕа үөрэтээччилэр бааллар. Кинилэри барыларын бар дьон биһирэбилэ уонна харчы ситим­ниир. Дьиҥ дьоҥҥо көмөлөһүөн баҕалаах ахсааннаах.

Ханнык да балаһыанньаҕа култуура наада

Суруяна Неустроева, Анаа­­быр улууһун Үрүҥ Хайа ос­­куолатын дириэктэрэ:

– Социальнай ситимҥэ барытын аһаҕастык таһаарыы билиҥҥи олох ирдэбилэ буолан хаалла. Ардыгар итинник видео­ҕа устан буруйу-сэмэни арыйбыт да түгэннэрэ баара буолуо эрээри, ардыгар сиэр-майгы өттүнэн соччото суох көстүү. Дьон тус олоҕор туораттан да ороо­һор курдуктар. Саамай киһи сөҕөрө, социальнай ситимҥэ туох эмит таҕыстаҕына, дьон санаата, кэмэнтээрийэ быдьара, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбыта хомотор. Ама маннык куһаҕан санаалаах, култуурата суох дьон баар дуу диэн киһи хараастар. Ханнык да түгэҥҥэ киһи сиэрдээх, култууралаах буолуохтаах дии саныыбын.

Любовь МатвееваСүүмэх, К.И.МаксимоваСайыына аатынан духуобунас киинин истээччитэ, бэйиэт:

– Хас биирдии киһи айыл­ҕаттан иитиллэр, үөрэнэр буолан, бу сиргэ үөскүү-ууһуу кэлэр. Былыр сахаларга этэрбэс сонуна диэн баара. Кэлин этэрбэс араадьыйатыгар кубулуйбута.  Кэлин муҥу­таан сайдан бу көстүү блогер­дааһын диэн омуктуҥу, сутуйуу­лаах майгыга-сигилигэ кубулуйда. Бүгүҥҥү олохпутугар киһи быстахтык быһыыламмыта эрэ буолбакка, оннооҕор тугу саныыра кытта күөрэйэн тахсан ыстыыр ыас, өйү-са­­нааны сынньар ыарыы буолла. Манна даҕатан эттэххэ, араас буолар-буолбат сыыс санаалары, дьон-сэр­гэ мөкү өрүттэрин, кыһалҕаларын тарҕатарга тиэтэ­йии олус ыарахан дьайыылаах. Бастатан туран, куһаҕаны эрэ булан көрө охсон сии-одуу оҥос­то идэлэммит дьон ис эйгэлэрэ сүһүрбүтүнэн барар. Кири-хоҕу хомуйуу бөх кутар биэдэрэ курдук хараҥа ньэгири мунньунар буоллаҕа. Иккиһинэн, бу олоххо киһи олоҕор табыллыбата, чугас дьоно-сэргэтэ, оҕолорун олохторо түҥнэстэриттэн ураты туох ыарахан баар буолуой? Туох барыта иэстэбиллээх. Былыр биһиги өбүгэлэрбит куһаҕан сураҕы-садьыгы тарҕаппат этилэрэ. Бу сиэр-­туом кэлэр кэскили харыс­тыыр быһыы буолара саарбаҕа суох. Өй-санаа өттүнэн сиппит, киэҥ толкуйдаах киһи хараҥа быһыыны, куһаҕаны, хобу-сиби тарҕаппат, хооһох хостоспот. Онон оҕолорбут, кэлэр кэнчээри ыччаппыт туһугар сэмэйдик сылдьыахтаахпыт, куһаҕан ньэгири (энергияны) тарҕатыа суох­таахпыт.

+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: