«Олохтоохтору эмтиирим, ол иһин ытыктыыллара»
Былыр да, билигин да биһиги ортобутугар кылааннаах-өргөстөөх кыыс куолар бааллар. Мин олоххо дьулуурдаах, күүстээх санаалаах, ыарахантан толлубат, ол эрээри нарын дууһалаах Октябрина Афанасьеваны олоҥхоҕо хоһуйуллар кыыс бухатыырдарга ханыылыы көрөбүн.
Октябрина Семеновна байыаннай дьайыыга быһаччы кыттыыны ылбыт аҕыйах ахсааннаах кэрэ аҥаардаттан биирдэстэрэ. Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн сибээстээн биһиги бүгүн Октябрина Афанасьеваны кытары кэпсэттибит.
Байыаннай дьайыыга барыан иннинэ
– Октябрина, билигин ханна бааргыный, тугу гынаҕын?
– Билигин дойдубар Сосновкаҕа баарбын, Кэт Марсден аатынан интэринээт-дьиэҕэ дириэктэри солбуйааччынан үлэлиибин. Манна өссө ийэм, аҕам, эһээм, эбээм үлэлээбиттэрэ. Үлэм таһынан нэһилиэккэ, улууска ыытыллар патриотическай-байыаннай иитии тэрээһиннэригэр кыттабын. Иллэҥ кэммэр бултуубун-алтыыбын, дьиэм ис-тас үлэтинэн дьарыктанабын.
– Байыаннай дьайыыга барыаҥ иннинэ олоҕуҥ хайдах этэй?
– Тыа сирин ыалын сиэринэн хаһаайыстыба тэринэн, оҕуруот үүннэрэн, бултаан-алтаан олорбутум. Урут, кыра да буоллар, хаһаайыстыбалаах этим, куурусса, индюк иитэрим, мүөттээх ыҥырыаны тутарым. Кыра эрдэхпиттэн дьоммун батыһа сылдьан көмөлөһөн, ол кэннэ бэйэм баҕабынан интэринээт-дьиэҕэ үлэлээбитим. Оскуоланы бүтэрэн баран Мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэнэн, бүтэрэн кэлэн медсестралаабытым. Ол кэннэ байыаннай дьайыыга барыам иннинэ олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Иккитэ Бүлүү улууһун куораттааҕы сэбиэтин дьокутаатынан талыллан нэһилиэгим интэриэһин көмүскээбитим.
Кинилэри кытары тэҥҥэ сылдьарым, бааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһөрүм таһынан, олохтоохтору эмтиирим, ол иһин ытыктыыллара, бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыммыттара.
Миэдик быһыытынан
– Байыаннай дьайыыга хайдах тиийэн хаалбыккыный?
– Миэдик быһыытынан барбытым. Оччолорго мобилизация уонна референдум өссө буола илигэ. Украинаҕа быһыы-майгы тыҥааһыннанан эрэрин көрөн, бу быһыы-майгы дойдубун хаарыйыа диэн долгуйан, онно тиийэн көмөлөһөр санааны ылыммытым. Социальнай ситимгэ ДНӨ баҕа өттүнэн барааччылары ыҥыраллар диэн биллэриини көрбүтүм. Кулун тутарга биэстэ сурук суруйбутум, телеграмм-ханаалынан Донецкайтан врач-онколог Николай Пивоваров сибээскэ тахсыбыта, ол кэннэ сүтэн хаалбыта. Онтон сайын Николай Николаевич, суһаллык кэлэр кыахтааххын дуо, биһиэхэ миэдиктэр олус наадалар диэн эрийбитэ. Онон уһун айаны айаннаан Донецкайга тиийбитим. Түүн тиийбитим, биир ыалга хоннорбуттара. Арай сарсыарданан уһуктубутум, дьонум сибигинэһэ-сибигинэһэ төттөрү-таары хаама сылдьаллар. Туох буолбутун ыйыппыппар, түүнү быһа ытыалаатылар диэбиттэрэ. Мин аһара сылайаммын кытаанах баҕайытык утуйан хаалбыппын. Сарсыныгар Донецкай байыаннай комиссариакка тиийэн докумуон толордум. Тута мэдиссиинэ взводугар киирэн, айаҥҥа туруннум. Массыынабыт түҥкүр-таҥкыр айаннаан, тиийиэхтээх сирбитигэр түөрт буолан түүн тиийдибит. Биир хос курдук баарыгар кушетка турар, онно утуй диэн буолла. Арай, түүн ортото тыас-уус, айдаан-куйдаан, сүүрүү-көтүү буолбутуттан туран кэллим. Элбэх баҕайы бааһырбыт дьону аҕалбыттар, харахпын хайа тардаат, суһал көмө оҥорон бардым. Итинник үс күнү быһа утуйбаккабыт, түүннэри-күнүстэри бааһырбыт дьону эпэрээссийэлээтибит, бэрийдибит. Бастакы «сүрэхтэниим» итинник ааспыта.
– Элбэх киһини инники кирбииттэн таһаардаҕыҥ, быыһаатаҕыҥ?
– Дьахталлар элбэх бойобуой сорудаҕы толороллоро. Кинилэри кытары тэҥҥэ сылдьарым, бааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһөрүм таһынан, олохтоохтору эмтиирим, ол иһин ытыктыыллара, бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыммыттара. Төһө даҕаны киирсии бара турдар, махтал тыллары этэллэрэ, сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтииллэрэ. Миигин эт-хаан өттүнэн бэлэмнээхпин иһин дуу, үгүстэртэн үрдүкпүнэн эбитэ дуу, отделение хамандыырынан оҥорбуттара. Бэлиэтии көрбүппүнэн, Донецкай олохтоохторо үгүстэрэ намыһах уҥуохтаахтар эбит этэ. Үлэбит таһынан, байыаннай үөрэҕи ааһарбыт, ытарга эрчиллэрбит.
Үгүстэрэ Арассыыйа диэки этилэр
– Олохтоох дьон хайдах ылыммытай, уопсайынан, бастаан балаһыанньа хайдах этэй?
– Бу киирсии Украинаны икки аҥы араарбыта көстөр, аймах дьон тус-туспа буолбут этилэр. Ким кыайыа, ким кыайтарыа – ол кэмҥэ биллибэтэ. Түүн инники кирбииттэн бааһырбыт дьону таһааран иһэн саһыараары ыаллар ааннарын тоҥсуйдаххына, сорохтор арыйбат этилэр. Ол иһин эрдэттэн бааһырбыт дьону аҕалыахпыт, ааҥҥытын арыйаарыҥ диэн көрдөһөрбүт, көмөлөһөөччү да баара. Ол эрээри, мин сылдьыбыт Донбааһым олохтоохторо үгүстэрэ Арассыыйа диэки этилэр.
Өйдөөбүттэрэ
– Дьонуҥ маннык быһаарыныыгын хайдах ылыммыттарай?
– Өр толкуйданан баран кыыспар эппитим. Оҕом барахсан устудьуоннуу сылдьара, биллэн турар, ытааһыннаах-соҥооһуннаах буолбута, ол эрээри, быһаарыныыбын ылыммыта. Убайым, бырааттарым эмиэ өйөөбүттэрэ, аҕабар эрэ эппэтэҕим. Сыл аҥаара курдук буолан баран, төннөн истэхпинэ, социальнай ситимнэргэ суруйбуттарыттан билбит этэ. Оҕом эһээ билбит диэн эрийбитигэр биирдэ эппитим. Ол кэлэн баран, чааспар төттөрү бара сылдьыбытым. Билиҥҥитэ төннөр санаам суох. Кыыһым кэргэн тахсан, оҕолонон, сиэммин көрсөр, хаһаайыстыбабын саҥаттан сөргүтэр былааннаахпын.
– Эйэлээх олоххо дьон сыһыана хайдаҕый итиэннэ өйүҥ-саҥааҥ чөлүгэр түһэригэр туох көмөлөһөрүй?
– Кыыһым сыбаайбалыырын истээт, онно баттаһаары, ыксал бөҕөнөн инники кирбииттэн суукканы быһа сыылан, сүүрэр-хаамар быластаан тахсыбыппыт. Донецкайтан оптуобуһунан Москваҕа диэри 21 чааһынан айаннаан, сөмөлүөт көтөрө чаас аҥаара эрэ иннинэ портка кэлбитим.
Эйэлээх олоххо төннөр, биллэн турар, олус уустук. Билигин даҕаны чөлбөр түстүм диир кыаҕым суох. Аралдьыйаары, кэлээт даҕаны үлэбэр киирбитим. ОДьКХ тэрилтэтэ антах сырыттахпына улаханнык көмөлөспүтэ, ууратыҥ диэн сайабылыанньа суруйбутум да үрдүнэн, өйөөбүттэрэ. Билигин Сосновкаҕа урут үлэлээбит интэринээт-дьиэҕэ үлэлиибин. Мин санаабар, байыаннай дьайыыттан кэлэр уолаттары, бастатан туран, чугас дьонноро өйүөхтэрин наада.
– Октябрина, кэпсээниҥ иһин махатанабын! Кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: