Салгыы
Подолог өҥөтүн төһө билэбит?

Подолог өҥөтүн төһө билэбит?

18.11.2023, 14:45
Хаартыска: Подология киинэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка подолог курдук сэдэх идэлээх Тахмина Степанова төрүттээбит Подология киинигэр кыһыннары-сайыннары элбэх киһи сылдьар.
Баҕар ким эмэ: “Ол тугуй, тугунан дьарыктанар исписэлииһий?” — диэн дьиктиргээн ыйытыан сөп. Ол гынан баран, Саха сиригэр сайдан эрэр идэ элбэх киһиэхэ туһалааҕын уонна наадалааҕын Тахмина Степанова уонна кини үлэһиттэрин илиилэрин сылааһын билбит киһи итэҕэйэр.

Ким эрэ атаҕын тыҥыраҕа этигэр быһа үүнэр, атаҕын уллуҥаҕа улаханнык чэрдийэр эбэтэр хайа барар, тыҥырахтара кыайан кырыллыбат буолуор диэри кытааталлар, кыараҕас атах таҥаһын кэтэртэн атаҕын аалларар уо. д.а. Дьэ, маннык кыһалҕалаах дьон подолог идэлээх исписэлиискэ сылдьан, улаханнык махтанан бараллар. Бу кыһалҕалар үксүгэр кыараҕас атах таҥаһын кэтииттэн, тыҥыраҕы сыыһа кырыйыыттан эбэтэр доруобуйа уопсай туругуттан уо. д.а. төрүөттэн үөскүүллэр эбит.

Тахмина Степанова:
— Дьон тоҕо эрэ биһиги өҥөбүтүнэн аҕам саастаах дьон уонна сытар ыарыһахтар эрэ туһаналлара буолуо диэн бастаан сыыһа толкуйдуур. Дьиҥэр, 15 сыл үлэлээбиппит тухары биһиэхэ кэлэ сылдьыбыт саамай кыра киһибит — төрөөбүтэ икки эрэ нэдиэлэ буолбут кырачаан, онтон саамай кырдьаҕаспыт 97 саастаах киһи этэ. Киһи барыта атахтаах, киһи барыта тыҥырахтаах. Онон, бастатан туран, атаҕы көрүүгэ-истиигэ кыһалҕа үөскүүр куттала барыбытыгар баар. Иккиһинэн, биһиги сылга 10–12 ый устата сабыылаах таҥаһынан сылдьар уратылаах эрэгийиэммит.
Мин бэйэм 18 сааспыттан куорат биир култуурунай-аралдьытар киинигэр администраторынан үлэлээбитим. Онно ирдэниллэр таҥаһынан: үрдүк хобулуктаах түүппүлэлээх уонна колготкалаах 18 чааһы быһа сылдьан үлэлээн, атаҕым барыта чэр буолан уонна тарбахтарым быһыта киирэн ириҥэрбиттэрэ. Ыксааммын 13 сыл уопуттаах исписэлиискэ баран көрдөрбүппэр бу үлэбиттэн уурайарбар сүбэлээбитэ уонна уоппускам кэмигэр миигин бэйэтин идэтигэр үөрэппитэ. Мин атаҕым тута чэпчээбититтэн үөрэн, “Мин курдук төһөлөөх киһи сордоно сылдьара буолуой?” диэн ытырыктатан ылбытым. Ол саҕана, билиҥҥи курдук, подолог идэлээх киһи суоҕа.
Биллэрин курдук, подология диэн уллуҥах туһунан билим, Европаҕа мэдиссиинэ туспа хайысхатынан киэҥник тэнийбит идэ (подиатр). Оттон Арассыыйаҕа мэдиссиинэ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэх быһыытынан киллэрэргэ туруорса сатыы сылдьаллар. Ол да иһин, Испания бэрэпиэс-
сэрдэригэр, тас куораттарга сылга 5–6 баран идэбин үрдэтинэн кэлэрим. Билигин дойду уопсай балаһыанньатынан, тас дойдуттан Арассыыйаҕа кэлэр исписэлиистэргэ баран үөрэнэбин, онлайн-лиэксийэлэри истэбин.

“Эмтээбэппит, эмтэнэргэ көмөлөһөбүт”

— Биһиги Дьокуускай куоракка 15 сыл үлэлээтибит. Бастаан соҕотох этим, кэлин атын дьону үөрэтэн, көмөлөһөөччүлэрбин үлэҕэ ылан кэҥээтибит. Туспа кэбиниэттэри арыйан, санитарнай нуорманан үлэлиибит.
Биһиэхэ сылдьааччылар 40 бырыһыаннара — обургу оҕолор. Кинилэр улаатар кэмнэригэр атахтарын таҥаһыгар табыллыбатахтарына, тыҥырахтарын быһыыта-
таһаата уларыйар, бааһыраллар, ириҥэриэн да сөп. Киһи кыһалҕата араас. Холобур, тыҥырах быһыта киирбитин көннөрөбүт, быһыта киирбит тыҥыраҕы кырыйаммыт (тугу да туурбаппыт, хирург буолбатахпыт), сөпкө үүнэргэ көмөлөһөбүт, сүбэ-ама биэрэбит. Ардыгар тыҥырахха “тэллэй” (грибок) үөскээбитин эмтэтэ кэлэллэр. Ол гынан баран, биһиги эмтээбэппит, эмтэнэргэ көмөлөһөбүт. Үлтү халыҥаан, тэллэйинэн сиэниллибит тыҥырах сөпкө эмтэниллэригэр сүбэ-ама биэрэбит. Халыҥаабыт тыҥырахтары чарааһырдабыт, улахан чэрдийиилэри ыраастыыбыт.
Атах уллуҥаҕа хайа барбытын суох гынарга эмиэ көмөлөһөбүт. Үрүт үрдүгэр тахсар тыҥырахтарга уҥуоҕунан буолбакка, атаҕын тас өттүнэн “разделитель” диэн оҥорон биэрэбит. Салҕыы атын исписэлиистэргэ ыытыахпытын сөп, тоҕо диэтэххэ, биир кэлимник эмтээтэххэ, эмтэнии ордук туһалаах буолар. Ол иһин биһигиттэн наһаа элбэх саҕаланар.
Ити курдук, биһиэхэ кыһалҕалаах кэлбит киһиэхэ көмөлөһөбүт уонна салгыы дьиэлэригэр-уоттарыгар хайдах көрүнэллэригэр сүбэлиибит. Атын ыарыылары эмтиир курдук, биһиэхэ бачча нэдиэлэнэн өссө кэлээр диэбэппит.

“Күрэстэһииттэн куттаммаппын”

Тахмина Степанова 15 сыл үлэлиирин тухары аны баҕалаах дьоҥҥо анал куурустары ыытар. Нэдиэлэҕэ иккитэ куорат оскуолаларыгар лиэксийэлэри ааҕар. Кини сорох дьүөгэ-
лэрэ: “Эн бэйэҥ идэҥ кистэлэҥнэрин тоҕо ыһа-тоҕо тарҕатаҕын, үөрэтэҕин? Күрэстэһээччилэргиттэн куттаммаккын дуо?” — диэн ыйыталларын туһунан этэр. Оттон Тахмина Саха сиригэр анал үөрэхтээх, подолог идэтин баһылаабыт исписэлиис элбиэн баҕарар.
“Күрэстэһии киһи төбөтүгэр олорор. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн эн бэйэҥ үлэҕэр, таһымҥар, үлэлиир тэриллэргэр, тиэхиньикэҕэр эрэллээх буоллаххына, кими да күрэстэһээччи курдук көрбөккүн. Бу идэ элбэх сыллаах уопуту уонна элбэх сыаналаах мэдиссиинэ тэриллэрин ирдиир…
Подология наһаа сыаналаах идэ. Билигин сааҥсыйанан да сибээстээн, үлэлииргэ ыарахаттар баалларын да иһин, бэриммэппит, иннибит диэки баран иһэбит. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги оҥорор өҥөлөрбүт сыаналара, атын куораттары кытары тэҥнээтэххэ чэпчэки. Үгүөрү үптэммит киһи диэн толкуйдаабакка¸хас биирдии киһи биһиэхэ кэлэн баран аны бэйэтин дьонугар көмөлөһөрүн курдук баҕалаах үлэлиибит.
Биир үрдүк үөрэхтээх мэдиссиинискэй сиэстэрэм дьон ыҥырыытынан дьиэлэригэр баран үлэлиир (үксүн кырдьаҕастарга эбэтэр сытар ыарыһахтарга ыҥыраллар).
Киһи куруук үүнүөн-сайдыан баҕарар. Дьокуускай куораттааҕы мэдиссиинискэй кэллиэскэ 3‑с кууруска үөрэнэбин. Атын дойдуларга үөрэммиппин туоһулуур докумуоннардааҕым да иһин, мэдиссиинэҕэ тардыһар буоламмын уонна оҕо сааһым баҕатын толорон, мэдиссиинэ эйгэтигэр чугаһаатаҕым дии саныыбын.

Эрдэттэн билии-көрүү туһаттан атыны аҕалбат

— Биһиэхэ сылдьыҥ диэн буолбакка, маннык идэ баар диэн дьоммутугур-сэргэбитигэр биллэриэхпитин баҕаран, эрдэттэн сырдатар, быһаарар үлэни ыыта сатыыбыт. Араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ ыҥырыллан кэпсиибин, нэдиэлэ аайы куорат оскуолаларыгар лиэксийэлэри ааҕабын.
Хомойуох иһин, биһиэхэ тыҥырах гигиенатыгар култуурабыт намыһах. Ол иһин, итинник кыһалҕалар үөскүүллэр дии саныыбын. Дьиҥэр, кыра эрдэхтэн тыҥыраҕы хайдах көрөргө-истэргэ, атах таҥаһын хайдах таларга, кэтэргэ үөрэтэллэрэ эбитэ буоллар …
Киһи барыта баттаҕын, тииһин, илиитин тыҥырахтарын оҥостор, тупсарар. Атын дьон көрөрүн эрэ иһин дуо? “Атахпын ким да көрбөт, онон оҥотторбокко да сылдьыахпын сөп” — диир дьон суох буолбатах. Тоҕо кимиэхэ эрэ үчүгэй буолаары оҥостуохтаахпытый? Бастатан туран, киһи
бэйэтигэр, тас көрүҥэр, доруобуйатыгар бэйэтэ кыһаллыахтаах, кыра эрдэхтэн оннук иитиллибит буолуохтаах.

 89841076888 нүөмэргэ эрийэн, эрдэттэн суруйтарыахха сөп.

+1
15
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: