Саха сахатынан кэрэ…

Саха сахатынан кэрэ…

24.02.2024, 17:51
Хаартыска: Н.Егорова
Бөлөххө киир:

Николай Иванович Пахомовтыын биһиги билсибиппит үйэ аҥарыгар лаппа чугаһаан турар. «Ааспыт үйэ сэттэ уонус сыллара — Сэбиэскэй былаас саамай өрөгөйдөөн, сайда-үүнэ, чэчирии турар кэмэ этэ», — диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Улуу дойдубут үрдүнэн баһырхай былааннар ылылла, сүҥкэннээхэй тутуулар ыытылла аҕай турар кэмнэрэ этэ.

Сэбиэскэй ыччат киэн туттуута — БАМ тутуута оччолорго дьон-сэргэ уоһуттан түспэтэ, оттон тимир суол тутааччылара биһиги күннээҕи олохпут дьиҥнээх дьоруойдара буолаллара. Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи территориальнай-производственнай комплекс (ЮЯТПК) тутуута оччотооҕу дьоһуннаах салайааччыбыт Г.И.Чиряев быһаччы салайыытынан ньиргиччи ыытылла турар кэмнэрэ этэ. Аччыгый БАМ, Нерюнгри куорат, Беркакит бөһүөлэгэ, “Саха сирин комсомолеһа” поезд диэн тыллар күн аайы кэриэтэ истэр тылларбыт этилэр.
1977 сыллаах саас СГУ биолого-географическай факультетын географ-устудьуоннарын бөлөҕө учууталбыт, кыраайы үөрэтээччи учуонай, саха саарына Мостахов Семен Егорович салалтатынан Аччыгый БАМ-ы билсэ, үөрэтэ диэн ааттаан тиийэ сылдьыбыттаахпыт. Ол онно тиийэн баран, Семен Егорович биир күн Золотинка бөһүөлэгиттэн тэйиччи хайалаах сиргэ, тыаҕа турар Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт геокриологическай стационарыгар үлэлиир бэйэтин үөрэнээччилэрин кытта билиһиннэрэ илдьэ сылдьыбыта. Ол онно үлэлиир эдэр учуонайдар ортолоругар кэргэннии эдэркээн ыаллар Люба уонна Коля Пахомовтар бааллара. Дьэ ол кэмтэн ылата кинилиин билсэбит, үлэбит хайысхатынан эмиэ алтыһабыт.
Николай Иванович киһи эрэ сөҕөр, баай устуоруйалаах олоҕо — бэйэтэ туһунан кэрэхсэбиллээх сэһэн суруллуон сөптөөх. Онон бэйэтэ да хаһан эмэ автобиографическай айымньыны суруйуо диэн эрэнэ-кэтэһэ саныыбыт. Кини кэлиҥҥи сылларга хомоҕой тыллаах хоһоонньут быһыытынан дьонугар-сэргэтигэр киэҥник билиннэ, үгүс ахсааннаах ааҕааччыларыгар биһирэттэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн буолла.

х х х

«Айылҕа арчытын ааспыттар” диэн хоһооннорун хомуурунньуга бу Николай Иванович ахсыс кинигэтэ буолар. Кинигэ дьоҕус кээмэйдээх да буоллар, алта түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэҕэр киирбит хоһоонноро “Айылҕа кэриимнэригэр” кэрийэр, айанныыр идэлээх дьоннорго, географтарга уонна айанньыттарга анаммыт.
Географ-учуутал, туризмҥа уонна спортивнай ориентированиеҕа элбэх ыччаты уһуйбут, ССРС успуордун маастара Николай Пахомов бу хоһоонугар:

Сир ийэ киэҥ иэнин үөрэтэр,
Бэрт элбэх кистэлин арыйар,
Биһиги идэбит, аналбыт,
Ол суолу бэйэбит талбыппыт.

Ама ким долгуйбат буолуоҕай,
Биллибэт кэмнэри туорууртан,
Ама ким астыммат буолуоҕай,
Айылҕа ааннарын аһартан.

Айаҥҥа эрэлбит, атахпыт,
Өйүөбүт ийэ сир бэлэҕэ,
Хонорго отууга саһабыт,
Күөх оту бэриинэ гынабыт.

Ойууру, ычыгы кэһэбит,
Сис хайа арҕаһын быһабыт,
Куруутун инники барабыт,
Бэрт элбэх билиини баһабыт…

– диэн, бэрт хомоҕой тылларынан биир идэлээхтэрин хоһуйбута, мин саныахпар, Саха сирин географтарын гиимин-ырыалара да буолуон сөп курдук…
Кырдьык даҕаны, киһи аймах үөскүөҕүттэн, түҥ былыргы түгэх өбүгэлэрбит айылҕа араас дьиктилэрин, таайыллыбат сүдү кистэлэҥнэрин кэтээн, чинчийэн көрөргө үөрэнэн, билэр-көрөр баҕалара улам күүһүрэн, саҥаттан-саҥа сирдэргэ айаннаан, олохсуйан, аан дойдуну баһылаатахтара. Ол да иһин, түҥ былыргы айанньыттар, бастакы географ учуонайдар Геродот, Страбон, Птолемей саҕаттан “Сир Ийэни үөрэтии, суруйуу” диэн грек тылыттан тылбаастанар “география” диэн тиэрмини айдахтара. Биһиги, сахалар, ытык өбүгэлэрбит эмиэ улуу Азия хотугулуу-илин өттүгэр үгүс үйэлэр усталарыгар айаннаан, үөрэтэн-чинчийэн, тыйыс айылҕалаах, ирбэт тоҥ олбохтоох уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ-нэлэмэн сирдэри баһылаан, сыспай сиэллээҕи сыһытан, хороҕор муостааҕы хорҕотон, оҕо-уруу төрөтөн саханы саха дэтэн, күн бүгүҥҥүгэ тиийэн кэллэхпит…
«Ыйдар сылы эргитэллэр” диэн ааттаах хомуурунньук иккис түһүмэҕэр поэт уус-уран тылынан күн-дьыл эргиирин хоһуйар. Былыргы төрүттэрбит барахсаттар, тымныы-тыйыс айылҕалаах сир олохтоохторо, бэйэлэрин олохторо-дьаһахтара тулалыыр эйгэлэрин туругуттан туллубат тутулуктааҕын өйдүүр буоланнар, дьыл хаамыытын сүр кыраҕытык кэтээн көрөллөрө. Былыргы сахалыы дьыл халандаара, ыйдар сахалыы ааттара – саха мындыр өйүн, олоҕун-дьаһаҕын тулалыыр эйгэни кытта дьүөрэлээн сөптөөхтүк дьаһанан олорбутун кэрэһэлииллэр.
Николай Иванович төрүттэриттэн, ордук чуолаан, эһэтиттэн Горбунов Яков Ивановичтан-Логлоҕор уола Дьаакыптан сахалыы тыыны өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэриммит буолан, дьиҥ сахалыы өйдөбүллэринэн салайтаран, төгүрүк сылы ыйдарынан араартаан, хас биирдии ыйга анабыл хоһооннору суруйбута эриэккэс үчүгэйдик иһиллэр, кинигэни биллэрдик киэргэтэр. Холобур, бу “Ыам ыйа үүннэ” диэн хоһоонугар:
Мааны кыыстыы мылааран,
Сарсыардаттан ылааран
Ыаммыт ыйа үүннэҕэ,
Кэрэтин дии күннээҕэ.

Сааскы салгын илгийэн,
Эргимтэбит чэлгийэн,
Тула тиллии дьэргэйэр,
Силигилии киэргэйэр.

Чыычаах ыллаан чуопчаарар,
Тураах эмиэ айдаарар,
Туруйалар көтөллөр,
Халлаан күөҕүн сөҕөллөр.

Тула үөрүү, уһуктуу,
Сытыма эн утуктуу,
Айылҕаҕа тахсыахха,
Кэриим тэбэ сырсыахха.

Эбэтэр “Көрсүһүү“ диэн хоһоонугар:
Бүгүн ааммын сэгэтэн,
Мичилийэ сэгэйэн
Кулун тутар кыыс киирдэ,
Чэбдик ыра иҥэрдэ.

Тиийэн кэллэ турунан,
Суолун-ииһин булунан
Үүммүт кэмин туһанан
Кэрийдэҕэ кыһанан.

Сааспыт аанын аһаары
Дьэргэлгэни манаары,
Ыллыктарын тыыраары
Сайар үөрүү ыһаары.

Сылаас тыынын ыытыаҕа,
Маҕан хаары салыаҕа,
Уһуктууну алҕыаҕа,
Ньургуһуну аймыаҕа.

Саха киһитэ унньуктаах уһун кыһыҥҥы ыйдар кэннилэриттэн, кэтэһиилээх сандал сааһы хайдах курдук үөрэ-көтө, долгуйа көрсөрүн, поэт маннык нарын тылларынан ойуулуур:
Сааскы салгын илгийэн,
Уйулҕаҕар сипсийэн
Иэйии аанын сэгэттэ,
Сүрэхтэрдиин кэпсэттэ.

Эбэтэр:
Сааскы күн кыырпаҕа ыһыллан,
Уйгулаах аартыга арыллан,
Сир үрдүн эйэргии сылытыа,
Алгыһын арчылыы тарҕатыа

Айылҕа чэлгийэ уһуктуо,
Кыырпаҕы хомуйан күүс уктуо,
Кэтэһэ, мичийэ иһийиэ,
Долгуран суоһугар кирийиэ.
Күммүт барахсан күндээрэр күлүмүн хоһуйар төһөлөөх элбэх хоһоон-ырыа айыллыбыта буолуой? Ааптар эмиэ түөрт бэртээхэй хоһоону Сирдээҕи олохпутун сүрүннүүр күлүмүрдэс Күммүтүгэр анаан суруйбут уонна олорун «Туохха да тэҥнэммэт Улуу Күн” диэн ааттаан биир түһүмэххэ холбообут.
«Светило (… улууттан улуу)” диэн хоһоонугар географ-поэт Николай Пахомов Күн систиэмэтигэр киирсэр планеталары бэрт сонуннук хоһуйбут. Тоҕус оҕолоох Күн күбэй ийэҕэ холоон туран, биһиги Сирбитин ийэтэ Күн барахсан талан ылан, салгынынан, ууннан толорон, тыынар тыыннааҕы олохтоон, Сирдээҕи олоҕу үөскэппитин, киһи эрэ сөҕүөх курдук, бу маннык уус-ураннык хоһуйар:
Сүдүкэн сүмэтин бэлэхтээн,
Куйаартан көмүскүү тирэхтээн,
Тоҕус уол оҕону айбыта,
Олортон үсүһү талбыта.

Бу сулус иэннэрин бэрийэн,
Айылҕа үтүөтүн тэрийэн,
Маанылаан, бүөбэйдии ииппитэ,
Чэлгийэр кэрэҕэ тиэрпитэ.

Итиинэн илгийэ имитэн,
Олоҕу, уйгуну тэнитэн,
Тыгар тыын тымырын укпута,
Дьылҕатын бигэтик туппута.

«Сир» дэннин диэн ааты иҥэрэн,
Эйгэтин кичэйэ ситэрэн
Эргимтэ ыллыгын ыйбыта,
Бэйэтин күөнүгэр баайбыта.

Күн сүдү бэлэҕин харыстыах,
Киртийэр кэмигэр ыраастыах,
Улууттан улуутун сөҕүөххэ,
Күн аайы махтана үҥүөххэ.

Эбэтэр “Күн уһугунна” (…тиийэн кэллэ мичийэн) диэн хоһоонугар:
Сайыҥҥылыы ылааран,
Мичилийэ мылааран
Бүгүн чахчы эрдэлээн,
Күммүт быкта мичээрдээн.

Саҕах үөһээ өндөйдө,
Алаас иһин өҥөйдө,
Көлүччэҕэ көһүннэ,
Сэбэрэтин көрүннэ.
Бу маннык сырдык иэйиилээх хоһооннору ааҕа олорон, хараххар сайыҥҥы саха алааһа кэрэтийэн көстөн кэлэргэ, хатыҥ чараҥ чуумпу суугуна, сылаас салгын илгийэрэ кытта иһиллэргэ, биллэргэ дылы гынар ээ. Айар тыл күүһэ диэн дьэ, итиннэ сытар.
“Ийэ сирбит Улуугун даҕаны” диэн бэрт тэттик түһүмэҕэр Ньукулай Пахомов Ийэ сири – халлаан эттигин (планетаны) киҥкиниир Улуу куйаар (космос) киэҥ киэлитигэр хаамыытын, эргиирин саха киһитин бэрт кыраҕы хараҕынан кэтээн көрөрүн хоһоон хомоҕой тылларынан ааҕааччыга тириэрдэр:
Киэҥ куйаар иэнинэн айаннаан,
Күн сырал уотугар сыламнаан,
Сир ийэ үлэтин оҥорор,
Айбыппыт ыйааҕын толорор.

Сарсыарда мичийэ иһийэн,
Ньуурдарын эйэргии тэлэйэн,
Уһуктар олоҕу уруйдуур,
Дьылҕа хаан ыйыгар хоруйдуур.

Күнүһүн үлэлээн тиҥийэр,
Уһаарыы-хатарыы тэрийэр,
Инники сайдыыны салайар,
Айыыһыт аартыгын дьаһайар.

Киэһээнэн иһийэ чуумпурар,
Сынньана түһэргэ хомунар,
Түүнүгэр түү суорҕан бүрүнэр,
Халлааҥҥа күлүгүн көрүнэр.
Күнүһү түүн солбуйара, сырдык хараҥалыын алтыһара, олох уонна өлүү мэлдьи кэккэлэһэ сылдьаллара күннээҕи олохпут хаамыытыгар Аан Айылҕа туллубат тутула, солбуллубат сокуона буоллаҕа эбээт…
Географ, эколог идэлээх буолан, Николай Иванович күн бүгүн тулалыыр эйгэҕэ буола турар быһыыны-майгыны хайдах да тумнубат. Айылҕа баайын харса суох хостооһун, сир-уот алдьаныыта, иһэр уубут киртийиитэ, дьон-сэргэ доруобуйата мөлтөөһүнэ поэт дууһатын кылын таарыйбат, санаатын-оноотун оонньоппот буолуон хайдах да табыллыбат. Ону бу маннык ыарахан тыллардаах устуруокалартан ааҕан билэбит:
Балысхан сайдыыга сигэнэн,
Айыыһыт алгыһын кэлэтэн,
Айылҕа үтүөтүн сиэтибит,
Харса суох имири эстибит

Бүтэһик тииппитин охторон
Соҕотох тииҥчээнин тутуохпут,
Сир кырсын сүргэйэ бурҕайан
Эстиигэ ыллыгы тэлиэхпит

Өлбөөрө бороорбут өрүстэн
Дьардьама балыгы оруохпут,
Дьаар сыта аҥкыйар күөлүттэн
Бадараан ньамаҕы хостуохпут
Бу хоһоон “…харыстаа Ийэ сиргин” диэн тыллара мин саныахпар кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар сэрэтии, кэс тыл курдук иһиллэргэ дылы…
Бэһис түһүмэхпит аата “Биһиги сахаларбыт – айылҕа оҕолоробут”. Бу манна түмүллүбүт хоһооннорго саха киһитин үтүө санаата, дьоһун-мааны майгыта ойууланар. Холобур, “Саха киэн туттар дойдулаах” диэн хоһоонугар ааптар төрөөбүт төрүт дойдутунан, үлэһит үтүөкэн дьонунан хайдах курдук киэн туттарын уустаан-ураннаан хоһуйар, инники сырдык кэскилбитин ыралыыр:

Тус хоту кыдьымах кырдаллаах
Балыга баһыллар байҕаллаах,
Адаар муос үөрдүһэр сүбэлээх
Тунаарар туундара түөлбэлээх.

Балысхан сир баайа кистэллээх
Адаархай туруук таас хайалаах,
Байанай баһылыыр кыыллардаах
Иҥиэттэ лиҥкиниир тыалардаах.

Сыламы көччүтэр күөннэрдээх
Унаара мэндээрбит күөллэрдээх,
Сылгыта сыбыытыыр сыһыылаах,
Хороҕор муостааҕар алаастаах.

Тырыттар тымныыга эриллэр,
Үлүскэн үөһүгэр тиргиллэр,
Киэн туттар үтүмэн доҕордоох
Дьүккүөрдээх үлэһит дьоннордоох.

Бу саха үтүөкэн дьонноро,
Ыҥырар эйиигин хонноро,
Минньигэс итии чэй иһиэххит
Киэһээлик олоҥхо истиэххит.

Онтон бу биһиги дойдубут,
Биһикпит ыйаммыт ордуубут,
Куруутун чэлгийэ сайдыаҕа,
Сыл аайы ыһыаҕын ыһыаҕа.
Дьиҥ сахалыы куттаах, поэт дууһалаах киһини саха тылын билиҥҥи туруга дьиксиннэрэрэ бэркэ диэн өйдөнөр. Глобализация диэн алдьархай ааҥнааһына аҕыйах ахсааннаах омуктарга тугунан диэлийиэн сөбүн, чараас дууһалаах поэт өтө көрөр буолан, тылбыт, култуурабыт мөлтөөһүнүн кыһалҕатыгар сыһыаннаах маннык тыллардаах хоһоону анаабыт:
Сахалыы саҥарбат сахабыт
Санатар ээ «Сордоох сухабыт»
Кырыһы тиэрбэккэ суулларын,
Тэбиэҕэ куруутун тулларын

Ол курдук сүмэ тыл кырдалын
Сибэкки тэлгэммит сыырдарын
Хаһан да дабайбат ычалаах,
Иэйиини иилиммэн аналлаах

«Сааскы кэм» сиккиэрдээх тыалларын,
Улууттан улуукан тылларын
Аахпата олуона буолаарай,
Сырдыкка сырыыны быһаарай?

Дьэ тоҕо «Кыталык харатын»
Бар дьонун ыллыктаах ыратын
Билиэхтээх анала быһынна,
Түктэри түмүгү ылынна?

Саха литературатын классига Күндэ бэйиэт бэйэтин улуу талаанынан айан кээспитинии: “Төрөөбүт тыл, сөрүүн сүөгэй курдук, сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр, убаҕас отон уутун курдук, улахан куйааска утаҕы аһарар, сырдьыгыныы көөнньүбүт сылгы кымыһын курдук, тостор куйааска тоҕулу ханнарар…”, төрөөбүт төрүт тылбытын харыстаһыах, харааннаһыах тустаахпытын поэт Ньукулай Пахомов өссө биирдэ санатар. Кини хоһооннорун ааҕан бараҥҥын, улууларбыт «Саха сахатынан кэрэ” диэн бэрт бэргэнник этэн хаалларбыттарын өйдүүрбүт уонна умнубаппыт булгуччулаах.
“Киэн туттар эбэбит Улуу Өлүөнэ” диэн кинигэтин түмүктүүр түһүмэҕэр ааптар Улуу Эбэбитигэр анаммыт икки хоһоонун киллэрбит. “Өлүөнэ” диэн хоһоонугар Баай Күөл кытыытыгар үөскүүр кыракый сыккыстан саҕаланан устан, кэҥээн, аарыгыран, түөрт аҥаар тыһыынча биэрэстэни уҥуордаан, Хотугу Муустаах Байҕалга тиийиитигэр аан дойду биир саамай улуу өрүһүгэр кубулуйар Өлүөнэ Эбэбит туһунан уустаан-ураннаан хоһуйбута сөҕүмэр:

Байкал күөлбүт сыккыһа,
Дьикти мааны дьол кыыһа
Чаҕылыйа чырылаан,
Көөчүктэнэ көччүйэн,

Хайыр тааска суол тэлэн,
Эргичийэ эриллэн,
Сындыыс тыаллыын куустуһан
Айанныыгын дьулуһан.

Уҥа-хаҥас кытылтан
Убай, быраат кыттыһан,
Эниэлэртэн, кырдалтан
Эдьиий, балыс сайыһан

Күүһүҥ-уоҕуҥ мунньуллан,
Эйэргэһэ хомуллан
Дьигиһийэ сүүрэҕин,
Көҥүл көтөн үөрэҕин.

Модун, сүдү сүүрүгүҥ,
Будулуйар бүүрүгүҥ
Кытыллары салыыллар,
Имэрийэ тарыыллар.

Айаас аты муоһалаан,
Умса сөрүү тэһииннээн
Хоту диэки түһэҕин,
Дьүкээбили ситэҕин.

Муустаах байҕал буутугар,
Кыдьымахтаах уутугар
Хаайар кытыл баранар
Хааччах аана арыллар.

Манна көҥүл долгуннар
Күүрэр күүгэн буоланнар
Халҕаһалыы анньаллар,
Кырыгыра кыыраллар.

Кинигэни ааҕа олорон, ааптар Ньукулай Пахомов географ, астроном, климатолог, гидролог, мерзлотовед, ландшафтовед, этнограф уонна краевед хараҕынан Аан дойдуну, Улуу куйаары, Сир ийэни, Сахатын сирин уонна кини олохтоохторун көрүүтүн уонна анаарыытын хоһоон аптаах тылыгар холбоон, талааннаахтык хоһуйбутун, киэҥ ааҕааччы чахчы да сөҕөн, сэргээн олорон ааҕарыгар саарбахтаабаппын.
Талба талааннаах табаарыспар, ураты көрүүлээх бэртээхэй бэйиэккэ, киһи киһитигэр, саха саарыныгар Ньукулай Уйбаанабыска, сытыы бөрүөҥ сыппаабатын, дьоҥҥун-сэргэҕин хомоҕой хоһоонноргунан үөрдэ-көтүтэ, санааларын көтөҕө, өссө да уһуннук олор, ай-тут, — диэн алгыс тылларынан бу сурукпун түмүктүүбүн.

Григорий Николаевич САВВИНОВ, биологическай наука доктора,
Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын 1999-2014 сс. салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: