Саха сирэ ыһыаҕынан киэн туттар

Share

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ бэйэтин санаатын эттэ.

“Билигин улахан тэрээһиннэр эрдэттэн былааннанан, үптэрэ көрүллэн, тэрээһиннээхтик ыытыллаллар.  Быйыл Тааттаҕа буолаары турар “Манчаары оонньууларын” улахан эбийиэктэрэ барыта кэмигэр тутуллан үлэҕэ киирэр буоллулар, ону таһынан Ытык Күөлгэ улахан оскуола, балыыһа тутулунна, суоллара оҥоһулунна. Онон оонньууларынан сибээстээн, урукку сылларга ситэ тутуллубакка турбут эбийиэктэр аҕыйах сыл иһигэр тутулуннулар”.

Ил Дархан ордук олохтоохтор үөрүүнү кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэрин, биир санаанан туруна сылдьалларын бэлиэтээтэ. Арай федеральнай суол туруга кутталлаах, ол гынан баран айылҕа ардаҕы аҕаллын-аҕалбатын, суол үлэлиэхтээх диэн тоһоҕолоон эттэ.

Айсен Николаев Дьокуускайга, Нерюнгрига, Сунтаарга буолуохтаах улахан ыһыахтарга эмиэ тохтоото. Бэлэмнэнии үлэлэр эмиэ эрдэттэн барбыттарын эттэ.

Итиэннэ Ил Дархан бар дьонугар баҕа санаатын ыытта:

«Ыһыахтарга этиллэр алгыстар дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийдиннэр, Сахабыт сиригэр дьолу-соргуну аҕаллыннар, үчүгэй быйаҥнаах сайын буоллун. Уонна саамай баҕам диэн биһиги туспутугар байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга күүстэригэр күүс эбилиннин, түргэнник кыайыылаах-хотуулаах дойдуларыгар этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕарабын».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ууга барбыт нэһилиэктэргэ чөлүгэр түһэрэр үлэлэр түмүгүн таһаардылар

Саха сиригэр быйылгы халаан уутун кэннэ чөлүгэр түһэрэр үлэлэр түмүгүн таһаардылар. Ону таһынан 2027 сыллааҕы…

3 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга бииргэ арыгылаан баран, ыалдьыта харчытын, көмүһүн уорбут

Дьокуускайга командировкаҕа кэлэн үлэлии сылдьар Иркутскай уобалаһын олохтооҕуттан биир мөлүйүөн солк. тахса суумалаах харчытын уонна…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

600 киилэлээх сүүнэ тыатааҕы бултаммыт

Бултаммыт кыыл олус улахан буолан, тыаттан таһаарарга тыраахтары туһаналларыгар тиийбиттэр. Оттон эһэни астыырга биир сууккаттан…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕас 96 бырыһыана тириэрдилиннэ

Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннара кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри оттук-энергетика өттүнэн толору хааччылыннылар. Ол туһунан Ил Дархан…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөнэ муостата: Өрүс флота быйылгы навигациятын түмүктээтэ

Өлүөнэ өрүскэ муус туруон иннинэ муоста тутулла турар былаһааккатыгар өрүс флотун навигацията түмүктэннэ. Ааспыт сезон…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

СӨ Үрдүкү Суута албыннаабыт юристан 500 тыһ.солк. тахса харчыны төлөттөрдө

СӨ Үрдүкү Суута дьоҥҥо юридическай көмө оҥоробун диэн албыннаан харчы ылбыт юрист-урбаанньыт дьыалатын көрдө. Ол…

1 час ago