Салгыы
«Сардаана» уһуйаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго күүс-көмө буолар

«Сардаана» уһуйаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго күүс-көмө буолар

Ааптар:
31.01.2024, 11:00
Хаартыскалары ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһугар 34 уһуйаан үлэлиир. Бу уһуйааннартан Сунтаар нэһилиэгэр баар «Сардаана» уһуйаан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сайыннарыыга улахан олук буолар.

Тэрилтэ  60 сылын ааспыт сыл ахсынньыга бэлиэтээбитэ.

Уһуйаан оҕолору бары эйгэнэн сайыннарарга араас үлэни ыытар. Биир сүрүн тутула доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору көрөр-истэр уонна сайыннарар.

Бу маннык хайысханан үлэлиир улууска соҕотох уһуйаан буолар. Лекотека бөлөххө логопед, психолог, дефектолог анал хосторо үлэлииллэр. Манна улуус дьаһалтата 300 тыһ. солк. көмө оҥорон улахан төһүү буолла. Доруобуйаларынан хааччахтаах 17 оҕо баарыттан үһэ истибэт уонна саҥарбат. Онуоха сурдолог баара буоллар диэн ыраларын этинэллэр. Уһуйаан иитээччилэрэ сытар ыарыһах оҕолорго дьиэлэригэр кытта баран көмө буолаллар.

ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: