Сыл бүтүөр диэри Дьокуускай өттүгэр Өлүөнэ күргэтин тутууга 50-ча буронабивной сыбаайалары туруоруохтара
Быйыл Өлүөнэ күргэтин хаҥас кытылынааҕы эстакадатын анныгар 1,5 м эргимтэлээх 50-ча буронабивной сыбаайалары туруоруохтара. Бүгүн күргэ тутуллар сиригэр үс технологическай былаһаакканы уонна түөрт суолу бэлэмниир үлэлэр ыытыллаллар.
Бэдэрээтчит «ВИС Строй» хампаанньа иһитиннэрбитинэн, 1 №-дээх технологическай былаһааккаҕа сирин тэҥниир үлэлэр, 2 №-дээх былаһааккаҕа, итиэннэ хаҥас кытылга трасса таһыгар баар үүнээйини түөрэр, ону тэҥэ уҥа кытылга 3 №-дээх былаһааккаҕа эмиэ кутар-тэҥниир үлэлэр бара тураллар.
Маны тэҥэ Табаҕа боротуокатын нөҥүөлүүр оробуочай күргэлээх технологическай суолу тутуу салҕанар. Быйыл 3 км усталаах суолу кутан бүтэрэр былаан турар уонна өрүс хаҥас кытылыгар оробуочай муостаны тутуу 50%-на бүтүөхтээх. Бырайыак быһыытынан 8,5 км кэриҥэ усталаах технологическай суол тутуллуута көрүллүбүт.
Билигин олохтоох тэрилтэлэртэн 40 тиэхиньикэ уонна 60 киһи үлэлии сылдьаллар. Оттон олох элбиир түгэннэригэр 1,5 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиэҕэ.
Быһа эфиргэ Ил Дархан Айсен Николаев билигин бара турар үлэлэри бэлэмнэнии үлэ бара турар диэбитэ, 2025 сылга фундаменын оҥоруу саҕаланыахтаах диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: