“Сылгыбытыгар хаһыы суох”. Тоҕо?

“Сылгыбытыгар хаһыы суох”. Тоҕо?

17.02.2024, 13:00
Хаартыска: А.Н. Винокуров
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбалара хоннохтоохтук оттоон, сыл тахсар отторун булуммуттара. Онон урукку сыллар курдук өрөспүүбүлүкэ таһыттан оту тиэйии боппуруоһа турбатаҕа. Ол да буоллар, күн-дьыл туруга сорох улууһу кытаанахтык тургутар. Тымныы полюһунан аатырбыт Өймөкөөн улууһугар быйылгы тымныы кыһыҥҥа сылгы кыстыга хайдах ааһан эрэрин туоһуластыбыт.

Сылгыһыттар этэллэринэн,  сылгы туруга быйыл ыарахан. Күһүн уу дэлби киирэн, аһылыгы барытын уу баттаан турар. Онон сылгы хаһыыта суох. Билиҥҥиттэн сылгылар мөлтөөбүттэр. Саас охтуох­тара диэн дьиксинэллэр. Онон билиҥҥиттэн элбэх аһылык наада буолбут. Дьиҥэ, сайын оттуурга төрүөххэ уонна мөлтөөрү гыммыты аһатарга анаан оттууллар. Оттон быйылгы ыарахан кыстыкка сылгылары барыларын кэриэтэ аһата сылдьалларын этэллэр. Итинтэн сылтаан от тиийбэт кыһалҕата үөскүүһү. Уонна өртөөһүн суоҕа иэдэппитин чопчулууллар. Барыта хагдаҥ от, лаҥха. “Аны туран күһүн ыйтан ордук ардаа­быта, ол иһин от аһыйан куһаҕан буол­ла. Аһыйбыт от сааһыары кууруохтааҕа да, билиҥҥи балаһыанньаҕа туһата кыра”, – диир биир сылгыһыт. Эбиитин хабараан тымныы уһуннук түспүтэ куһаҕан дьылга эмиэ охсуулаах буол­бут. Дьэ, маннык балаһыанньа.

Хаартыска: А.Н. Винокуров

Киһи үөрэрэ диэн, нэһилиэктэр баһылыктара хаһаа­йыстыбаларын сылгыларын туруга хайдаҕын, туох кыһалҕаны көрсөллөрүн олох хонтуруолга тута сылдьаллар. Холобура, Төрүт нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыга Владимир Алексеев  быйыл сылгылар туруктара ама диир. Ол эрээри син биир кыһалҕа ханна барыай? Владимир Столярчик кырдьаҕас уонна эдэр да сылгыларын тохсунньуттан эбии аһатыыга туруор­бут.   Гаврил Егоров эмиэ туспа аҕалан аһата турар. Эрдэттэн дьаһаммыт буоланнар, хата, сылгыларын туруга билиҥҥитэ ама эбит.

– Дьоммут сайын оттоо­бут буоланнар, онно эрэнэллэр. Сылгыһыттар хаһыы суоҕа бэрт, хаар халыҥ диэн этэллэр. Ону тэҥэ өртөөһүн үлэтэ барыан наадатын туруорсаллар. Көҥүллүүллэрэ буоллар  диэн баҕа санаалаахтар. Сир-уот өртөммөтөҕө ыраатан, лаҥханан саба үүннэ, оппут сэтиэнэх бөҕөтө, ол түмүгэр сылгыбытыгар хаһыы суох буолла. Өртөөһүн суоҕа биир өттүнэн сайын баһаар туруутугар кутталы үөскэтэр. Онон бу боппуруос хайдах эмэ гынан көрүллэрэ буол­лар, өртөөһүҥҥэ анал биригээдэ эҥин олохтоон, сыыһа-халты туттубат курдук дьаһаныа этилэр диэн санаалаахтар, – диэн санаатын үллэһиннэ нэһилиэк баһылыга Владимир Петрович.

Төрүт тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Виталий Атласов эмиэ баһылыгын этии­тин бигэргэтэн, сылгыга кыстык этэҥҥэ  ааһан иһэрин бэлиэтиир. Кини этэринэн, сылгылаахтар көрө-истэ  сылдьаллар, аһаталлар. Нэһилиэккэ чааһынай ха­­һаайыстыбаҕа уопсайа 127 төбө баар, онтон биэтэ – 83 төбө. Билиҥҥи туругунан оппут тиийиэҕэ, этэҥҥэ кыстыгы туоруур инибит диэн эрэнэр.

Толоонтон – аһылыкка

Томторго, кырдьык,  сылгылар ырыганнааһыннара бэлиэтэммит. Ол курдук -56-57 кыраадыс улахан тымныы түһэн, ыйтан ордук кэмҥэ туран, сылгылары мөлтөппүт. Онон ити тымныыттан тыйдар, кырдьаҕас, аһаах сылгылар мөлтөөбүттэр, ырбыттар.

– Биһиэхэ ыарахан соҕус кыстык ааһан эрэр. Күһүн ардахтар кэннилэриттэн уу киирэн, ходуһалары толорон кэбиспитэ. Нэһилиэккэ 1830 сылгылаахпыт. Күһүөрү сайын муостата суох хаалбыппыт, онон оттооһуҥҥа кыһалҕалары көрсүбүппүтүн билэҕит. Билигин Таатта эргинтэн от атыылаһаары сылдьабыт. Бу боппу­руоһунан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэ­ристибэтэ үлэлэһэ сылдьар. Хойутаабакка оппут кэлэрэ буоллар диэн баҕарабыт, эрэнэбит. Эбиэспит кэлиэхтээх. Биир хаһаайыстыбабыт 58 сылгыта толоонтон аһылыкка киирдэ. Сылгы өлүүтэ кыралаан баар. 67 убаһаны иитэн турабыт. Убаһаларбыт күн аайы оту сииллэрэ элбээтэ, эбиэһи эмиэ. Онон туруктара орто курдук, – диэн баар балаһыанньаны хайдах баарынан кэпсээтэ Томтор баһылыга Алексей Николаевич Винокуров.

Томтордор эмиэ өртөөһүнү туруорсаллар. Улуус баһылыгын отчуотугар этиммиттэр. Ол эрээри өртөөһүн көҥүллэммэт диэн эппиттэр.  Бу боппуруос  Арассыыйа таһымынан эрэ быһаарыллара чахчы. Билим үлэһиттэрэ эҥин кыттыһан, сиһилии чинчийэн, үөрэтэн, көмөлөстөхтөрүнэ, баҕар, туох эрэ хамсааһын тахсара дуу.

Сордоҥнооххо эмиэ сылгыга ыарахан соҕус кыстык ааһан эрэр эбит. Билигин манна сылгыһыттар базаларыгар аһата сылдьаллар, от тиийбэт кыһалҕата эмиэ баар. “Хайдах эмэ күөххэ этэҥҥэ үктэ­нэллэрэ буоллар”, – диир баһылык Альберт Вензель.

Онон хайа да улуустааҕар халлаан уһуннук күүскэ тымныйар Өймөкөөн улууһугар сылгы кыстыга этэҥҥэ ааһарын туһугар олоччу болҕомто киинигэр тутуллуохтаах уонна көмө да быһаччы буо­луохтаах.

Дмитрий Илларионов, Дүпсүн олохтооҕо:

– Сылгыһыттар бары да хайдах дьаһанары билэллэр. Быһа түһэ илигинэ, көрө сылдьан күүстээх тымныы кэмнэригэр хайаатар да аһылыкка киириэхтээх.

Анастасия Никитина, СӨ Бэтэринээрийэ департаменын бэтэринээрийэ тэрээһиннэрин тэрийэр отделын салайааччыта:

– Сылгы ырыганнаабатын туһугар хаһаайынтан эппиэтинэс ирдэниллэр. Сылгыларын туруктарын мэлдьи кэтээн көрө сылдьыахтаах. Ырыганнаары гыммыты көрөн аһылыкка туруоруохтаах. Араас састааптаах битэмииннэри эбии аһылыгы кытары  туһаныахха сөп, ону таһынан укуолунан эмиэ бааллар. Сылгы ырыганнаабатын, туруга этэҥҥэ буоларыгар үөнүн эрдэ, кэмигэр түһэрэр ордук. Саамай табыгастаах кэминэн атырдьах ыйын ортотуттан балаҕан ыйын ортотугар диэри буолар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: