Тааттаҕа 1500 киһи күһүҥҥү кросска кытынна
Бүтүн Арассыыйатааҕы күһүҥҥү кросс Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ олус сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик тэрилиннэ.
Тэрээһиҥҥэ оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ барыта 1500 кэриҥэ киһи муһунна. Быйылгы кросс 2025 сылга Тааттаҕа ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларыгар» ананна. Оонньуу ымыыларын бу күн үѳрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Далааһыннаах күрэхтэһиини көрсө кросска мустубут бары дьону улуус баһылыга, салалта уонна тэрийээчилэр эҕэрдэлээтилэр. Чѳл олоҕу, чэгиэн доруобуйаны баҕардылар, маассабай успуорду өйүүргэ уонна бу курдук сомоҕолоһон дойду сайдыытыгар тирэх буоларга эттилэр. «Манчаары оонньуулара-2025» улахан тэрээһини Таатта ытык сиригэр ѳрѳ кѳтѳҕүллүүлээхтик тэрийэн ыытарга ыҥырдылар.
Кыттааччылар араас дистанцияҕа саастарынан арахсан сүүрдүлэр. Кыттааччы да элбэҕэ, көрөөччү да мустубута санааны көтөҕөр, күрэхтэһиини көҕүлүүр. Быһый атахтаахтар илин-кэлин түсүһүүлэрин кэнниттэн кыайыылаахтар мэтээл кэттилэр, бэлэхтэри туттулар.
Александра Прудецкая
Хаартыскаҕа М.Луковцева түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: