Томпо улууһугар ыччаты дойдуга бэринии тыыныгар иитии күүһүрэр
Томпо оройуонугар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл ааспыт сылтан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри тиһигин быспакка ыытылла турар. Ол курдук, улуус дьаһалтата уонна улуус мунньаҕа ылыммыт быһаарыыларынан кэккэ тус сыаллаах үлэлэр, дьаһаллар олоххо киирэллэр диэн улуус дьокутааттарын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Неустроев кэпсиир.
— Улууска байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл ааспыт сылтан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри тиһигин быспакка ыытылла турар. Ол курдук, холобура, 2022 сыллаахха байыаннай сулууспалаахтарбытыгар көмөнү хомуйууга анаан аһыллыбыт «Кыайыы» пуондатыгар 2 мөл. 800 кэриҥэ солк. харчы киирэн, ол үбүнэн биир дойдулаах буойуттарбыт олохторун харыстыыр суолталаах араас көмүскүүр тактическай тэриллэр ылыллан ыытылла тураллар. Итинник сыалга кэлин өссө 3.5 мөл. солкуобай кэриҥэ харчы киирбитэ.
Байыаннай сулууспалаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр көмөлөһөргө улуус үрдүнэн биир кэлим испииһэк оҥорбуппут. Көмө миэрэлэриттэн кылгастык эттэххэ, улуус култуурунай тэрээһиннэригэр сылдьыы, киинэ тыйаатырыгар оҕолор ханнык баҕарар киинэни босхо көрүүлэрэ, улахан дьон киинэни 50% чэпчэтиилээх көрүүлэрэ, улуус иһигэр сүүрэр социальнай тырааныспардарынан босхо сылдьыы, дьиэ кэргэн оҕолоро уочарата суох уһуйааҥҥа киириилэрэ, оҕо, дьахтар консультацияларыгар уочарата суох көрдөрүү, оскуола оҕолоругар босхо аһылык уо.д.а. Байыаннай сулууспалаахтарга биир кэмнээх харчынан өйөбүлү таһынан итинник биир кэмнээх төлөбүрдэр кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр эмиэ көрүллэр.
Маны сэргэ биһиги улууспут Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга таһаарбыт дьаһалынан буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан; оскуолаҕа босхо аһылык, Саха сиригэр оҕо лааҕырдарыгар босхо путевка; төрөппүт взноһуттан босхолооһун; оҕо саадыгар, лааҕырыгар, интэринээткэ босхо киирии, санаторийга, курортка босхо эмтэнии уо.д.а. курдук, араас өрүттээх социальнай өйөбүл оҥоһуллар.
Ханна баҕарар буоларын курдук, байыаннай сулууспалаахтарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ нэһилиэнньэбит уонна улуус бары уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ көхтөөхтүк кытталлар, өйөбүл, көмө ахсаабакка, салгыы ыытыллар.
Томпо оройуонугар уопсайа 12 оскуола, 13 оҕо уһуйаана, 5 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ үлэлииллэр. Манна оҕолору кыра саастарыттан саҕалаан патриотическай иитиигэ былааннаах үлэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Оксана Назаренко уонна үөрэх управлениета иилээн-саҕалаан ыыта олорор.
Улууспутугар ураты болҕомто быйыл ССРС Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Фёдор Матвеевич Охлопков төрөөбүтэ 115 сылынан улуус баһылыгын дьаһалынан анал кэмитиэт тэриллэн, туспа былааннаах үлэлэр бара тураллар. Оскуолаларга «Охлопковскай ааҕыыларга» научнай-практическай кэмпириэнсийэ, улуус бибилэтиэктин тэрийиитинэн түмэллэртэн видео-быыстапка бары нэһилиэктэргэ көрдөрүлүннэ. Хас да көрүҥҥэ эр дьон күрэхтэһиитэ Дьоруой төрөөбүт Кириэс Халдьаайы нэһилиэгэр үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытылынна. Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын кэлэктиибэ дириҥ ис хоһоонноох театрализованнай постановканы туруоран, нэһилиэнньэ улахан биһирэбилин ылбыта. Дьоруой Фёдор Матвеевич Охлопков үбүлүөйүгэр сөп түбэспит быйыл кини сэриилэспит Ржев куоратын босхолооһун 80-сылыгар аналлаах «Патриотизм: современный взгляд” диэн “төгүрүк остуол” тэриллибитэ. Хаандыгатааҕы горно-технологическай техникум устудьуоннарын уонна улуус улахан кылааһын оҕолорун, «Юнармейцы» диэн хамсааһын чилиэннэрин ыҥыран, патриотическай иитиигэ туһаайыллыбыт кэпсэтии буолбута.
Оскуола оҕолоругар быйылгы «Снежный барс” байыаннай ыспартыыбынай күрэхтэһиилэргэ бастакы миэстэни Томпо элбэх хайысхалаах гимназиятын хамаандата, иккиһи – Кириэс Халдьаайы орто оскуолата, үсүһү Ыҥаа нэһилиэгин орто оскуолата ылбыттара. Улуустан бастакы хомуурга ыҥырыллан сырдык тыына быстыбыт уолбутугар Иван Резцовка анаан Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр «Аҕа дойдуну көмүскээччи» диэн ыспартыыбынай оонньуулар ыытыллыбыттара. Бастакы миэстэни — Дьабарыкы Хайа оскуолата, иккиһи — Томпо элбэх хайысхалаах гимназията, үсүһү — Хаандыга орто оскуолата ыллылар.
Алдан көмүһэ арыллыбыта 100 сылыгар итиэннэ Кириэс Халдьаайыттан төрүттээх Алдан көмүһүн бастакы арыйааччыта Михаил Прокопьевич Тарабукиҥҥа аналлаах Кириэс Халдьаайыга «Алданское ориентирование» диэн ориентированиеҕа күрэхтэһиилэргэ Алдан оскуолатын уонна техникумун оҕолоро кэлэн кыттыбыттара.
Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уоппускаларын кэмигэр улуус баһылыгын Яков Степановы, нэһилиэнньэни итиэннэ оскуолаларга оҕолору кытта көрсүһүүлэр, кылаас чаастара бара тураллар. Улуус баһылыгын көрсүһүүтүгэр саллааттарга Мэҥэ-Алдантан норуот маастара оҥорбут саха быһахтара, алгыстаах харысхаллар туттарыллаллар.
Байыаннай дьыалаҕа алын сүһүөх үөрэхтээһин олох ирдэбилэ буолан эрэр. Балаһыанньа кытаатан иһэринэн билигин оскуолаларга баар ОБЖ биридимиэтин байыаннай өттүнэн дириҥэтэн биэрэр наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: