Ыйыт-хоруйдуубут: усунуоһу төһө өр төлүүбүт?

Ыйыт-хоруйдуубут: усунуоһу төһө өр төлүүбүт?

19.08.2023, 20:00
Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын Саха сиринээҕи салаатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааҕааччыларбыт хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуоһу төлөөһүн туһунан ыйыталлар. 

– Куоракка Халтурин уулуссатыгар олоробут. Дьиэбит хапытаалынайдык өрөмүөннэниэр диэри эрэ бу усунуоһу төлүүр инибит.

Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын Саха сиринээҕи са­­лаата маннык эппиэти биэрдэ:

– Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөнү оҥорорго усунуоһу 30 сыл болдьохтоох тэриллибит тустаах пуон­да үлэлиирин тухары ый аайы ылыллар. Ол эбэтэр усунуоһу төлөөһүн өрөмүөн хаһан бу дьиэҕэ ыытылларыттан тутулуктаммат. Тоҕо диэтэххэ, элбэх кыбартыыралаах биир дьиэ үбүнэн атын дьиэ өрөмүөннэнэн иһэр.

Эбэтэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ саахалланар турук­тааҕынан билиниллэн, көтүрүллүөр диэри эбэтэр дьиэҕэ хапы­таалынай өрөмүөнү ыытыы туһата суох буоллаҕына. Ону тэҥэ судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганынан дьиэ турар сир учаастагын  тутан ыллахтарына.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 мая
  • 7°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 36% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: