Салгыы
Аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна

Аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
06.08.2023, 10:45
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 8 ойуур баһаара (уопсайа 79 161 га иэннээх сир) умуруорулунна. 15 ойуур баһаара (920,5 га) булуллубут.

Уон үс оройуоҥҥа барыта 89 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 100 336,5 га)  баара бэлиэтэнэр. Иһитиннэриллибитинэн 49 уоту (82 243,5 га) умулларыыга үлэ ыытыллар. Итинтэн 6 ойуур баһаара (4 417 га) бохсуллубут.

Уот үксэ хонтуруолланар, уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сирдэргэ баара ыйыллар.

Ойуур уотун умуруорууга 1 299 киһи, 55 тиэхиньикэ, авиация үлэлииллэр.

Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, баһаары утары үлэ сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 638 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 185 158,9 га) бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 1 371 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 5 205102,7 га) бэлиэтэнэн турар.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 мая
  • -4°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: