Салгыы
Дьиэ кэргэн нолуоктан босхолонор төлөбүрэ киириэҕэ

Дьиэ кэргэн нолуоктан босхолонор төлөбүрэ киириэҕэ

12.06.2024, 12:00
Хаартыска: СИА, Мария Васильева
Бөлөххө киир:

2026 сылтан «дьиэ кэргэн нолуоктан босхолонор төлөбүрэ» диэн киириэҕэ. Бу төлөбүрү иккиттэн элбэх оҕолоох, үлэлиир дьон ылыаҕа диэн СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут 1,5 төгүллээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (прожиточный минимум) намыһах эрэ буоллаҕына, бу төлөбүрү ылар кыахтаах.

Оттон төлөбүр кээмэйэ төһө нолуок төлөммүтүттэн тутулуктаах, онон хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ араас кээмэйдээх буолар. Атыннык эттэххэ, төлөөбүт нолуогуҥ төннөн кэлэр.

Өскөтүн дьиэ кэргэн туохха эрэ иэстээх уонна ол иэһин суотугар счеттан харчыны быһа устуохтаах эбит буоллахтарына, бу төлөбүрү баан устар бырааба суох. Оттон алимеҥҥа иэстээх төрөппүт маннык төлөбүрү ылар бырааба суох, тоҕо диэтэр, оҕолорун иитэр-харайар эрэ төрөппүттэргэ бэриллэр.

Төлөбүрү биэрии бэрээдэгин РФ бырабыыталыстыбата бигэргэтиэҕэ. Салгыы Социальнай пуонда анааһын, түҥэтии боппуруостарынан дьарыктаныаҕа. Бу Дьиэ кэргэн сылыгар оҕолоох ыалларга көмө биир көрүҥэ буолар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 октября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: