Дьокуускайга эми дьиэҕэ аҕалан биэрэр өҥө баар буолла
Бу күннэргэ Дьокуускайга эми дьиэҕэ аҕалан биэрэр саҥа өҥө баар буолла. Дьиэҕэ эмп-томп тиийбэт суһал түбэлтэтэ тахсааччы, ыалдьа сылдьар киһи аптекаҕа диэри хааман тиийэрэ даҕаны уустуктардаах буолааччы.
Бу кыһалҕаны куораппытыгар «Эмп» аптека ситимэ быһаарда, ол туһунан Наталья Степанова маннык кэпсиир: «Киин куораппыт олохтоохторо үлэ үөһүгэр, күннээҕи түбүккэ сылдьан ардыгар доруобуйаларын көрүнэллэригэр бириэмэлэрэ тиийбэт курдук буолааччы. Аны доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон чугас сүүрэр-көтөр киһилэрэ суох буоллаҕына, эмп-том ылалларыгар кэккэ уустуктары көрсөллөрө баар суол.
Бу маннык ыксаллаах кэмҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө буолаары, биһиги тэрилтэбит дьиэҕэ эми-тому аҕалан биэрэр сулууспата үлэлээн саҕалаата. Дьиэттэн тахсыбакка эрэ aptekaykt.ru саайт нөҥүө наадалаах эми сакаастыаххытын сөп».
Кырдьык даҕаны, Дьокуускайга дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтө баар буолбута ыраатта. Ол эрээри, аһы, таҥаһы, миэбэли эрэ хото «дастаапкалыылларын» көрөбүт-истэбит. Онон, эми-тому аҕалан биэрии өҥөтө ыксаллаах кэмҥэ көмө буоларыгар саарбахтаабаппыт.
«Эмп» аптека атыыга көҥүллээх, лицензиялаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: