Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспардары күһүҥҥү кыраапыкка көһөрүөхтэрэ

Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспардары күһүҥҥү кыраапыкка көһөрүөхтэрэ

Ааптар:
26.08.2024, 09:45
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспардары күһүҥҥү кыраапыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, бүтүн куораттааҕы планерка кэмигэр иһитиннэрдилэр.

«Куорат маршруттарынан аны күһүн оптуобустар ахсаана 250-ҥа диэри улаатыаҕа»,  — диэн Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрдэ.

«ЯПАК» оптуобустарын сырыытын кыраапыгын толоруу 94% тэҥнэспит, «Союз Авто» чааһынай тиэйээччилэр кыраапыгын туолуута — 78%. Ордук куһаҕан оптуобус сырыылара 18, 25, 16 уонна 19 №-дээх маршруттарга бэлиэтэнэр. Маны таһынан балаҕан ыйыттан куорат маршруттарыгар 19 саҥа оптуобуһу таһаарыыга бэлэмнэнии үлэтэ барар.

Дьокуускай мэрэ Евгений Григорьев үөрэх сыл саҕаланыаҕыттан оптубуостар сырыыларыгар, санитарнай туруктарыгар, валидатордар уонна видеорегистратордар сөптөөхтүк үлэлииллэригэр хонтуруолун күүһүрүөхтээҕин бэлиэтээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: