Өймөкөөн Тымныытын хаһаайына Чысхаан Москвалаата (видео)

Өймөкөөн Тымныытын хаһаайына Чысхаан Москвалаата (видео)

29.11.2023, 22:05
Хаартыска -- Семен Сивцев тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Тымныы хаһаайына Чысхаан Өймөкөөнтөн кэлэн, Дьокуускайга тохтоон ааста. Бүгүн дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа көттө. 

Кини бэрт улахан соруктаах — ахсынньы 1 күнүгэр ВДНХ-ҕа Арассыыйа эрэгийиэннэрин Саҥа дьыллааҕы харыйаларын аллеята аһыллар быыстапка-пуорумугар кыттар.  Аллеяҕа 90 күөх харыйаны туруордулар. Онтон биирэ — дойду сүрүн харыйата, 89 — эрэгийиэннэр харыйалара.  Саҥа дьылы көрсө бары өрөспүүбүлүкэлэр, кыраайдар, уобаластар, уокуруктар бэйэлэрин дойдулары үгэс буолбут оҥоһуктарынан  харыйаларын симээтилэр.

Видео — Евгения Сесина тиксэриитэ.

Ол курдук, Саха сирин харыйатын чороон, чаппараах, кычым бастыҥа, илин кэбиһэр, оҕуруонан оҥоһук киэргэллэр, мас харысхаллар, салама, сылгы сиэлиттэн Чысхаан, Хаарчаана, саха ата курдук куукулалар киэргэтиэхтэрэ.

Хаартыска — Евгения Сесина тиксэриитэ.

ВДНХ-ҕа буолар Саҥа дьыллааҕы харыйалары араас өҥнөөх уотунан сандаардыы сиэрин-туомун сүрүн толорооччуларынан Великай Устюгтан кэлбит Тымныы оҕонньор уонна Тымныы Полюһа Өймөкөөнтөн тиийбит Чысхаан буолуохтара. Тымныы хаһаайына Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Эбэ Хайатыгар баар бэйэтин резиденциятыттан хостоон таһааран аҕалбыт Тымныы курустаал символын Великай Устюгтааҕы Тымныы оҕонньорго туттарыаҕа. Бу кэмҥэ ВДНХ-ҕа «Уһук Илин панораматыгар» харыйалар аллеяларыгар Дьокуускай куоракка «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэ сүрүн Харыйатын үөрүүлээхтик күлүмүрдэтэ сандаардыыны Дьокуускайтан куйаар ситиминэн бу баардыы сүүнэ улахан экраҥҥа көрдөрүөхтэрэ. Бу түгэҥҥэ Арассыыйа үрдүнэн уонна ВДНХ-ҕа Саҥа дьыллааҕы харыйалар уоттара биир тэҥинэн сандаарыахтара. Биллэн турар, Москваҕа ыалдьыттыы кэлбит дьон Саха сирин чысхаан тымныытын  соһуйа көрүөхтэрэ. Бу түгэҥҥэ Тымныы оҕонньор Арассыыйа Хотун үрдүнэн кыһын саҕаламмытын биллэриэҕэ. Ол кэнниттэн хас биирдии эрэгийиэн Тымныы оҕонньоро бэйэтин дойдутун харыйатынан сирэйдээн, өрөспүүбүлүкэтин, уобалаһын, кыраайын, уокуругун туһунан билиһиннэриэҕэ.

Быыстапка кэнниттэн эрэгийиэннэр тыыннаах күөх харыйаларын — барыта 90 харыйаны, тэрийээччилэр 2024 сыл муус устар 24 күнүгэр ВДНХ сиригэр-уотугар олордуохтара.

Өймөкөөн Чысхаанын «Өймөкөөн улууһа» МТ дьаһалтатын култуураҕа уонна туризм сайдыытыгар управлениетын сүрүн исписэлииһэ Семен Сивцев сирэйдиир. Семен Семенович дуоһунаһын аата да оннук — «Чысхаан брендин сайыннарыыга сүрүннүүр исписэлиис». Семен Сивцев «Өймөкөөн Сэмэнэ» диэн псевдонимынан Саха сиригэр биллэр ааттаах-суоллаах фотограф. Кини төрөөбүт Өймөкөөнүн кэрэ айылҕатын — кыылын-сүөлүн, үүнээйитин; уутун-хаарын — үрүйэлэрин, үрэхтэрин, күөллэрин; сүөһүтүн — сылгытын-ынаҕын; дьонун-сэргэтин — үлэттэн  дьолломмут биир дойдулаахтарын дьыл араас кэмигэр түһэриитин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо олус кэрэхсииллэр. Өймөкөөн Сэмэнэ аны уус бэрдэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр Өймөкөөҥҥө    Куобахха анаан оҥорбут дьоҕус пааматынньыга,  Өймөкөөн аатырбыт 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын олорбут балаҕанын доҕотторун кытта сөргүтүүтэ — төрөөбүт дойдуга бэриниилээх патриот киһи холобура.

Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ былырыын Новосибирскай куорат «Саҥа дьыл киин куората» буолбутугар эмиэ анал ыҥырыынан баран кэлбитэ. Онно Өймөкөөн Чысхаана, биллэн турар, болҕомто киинигэр буолбута.

Кэпсэтиибит түмүгэр мин Өймөкөөн Сэмэниттэн: «Саха сиригэр Чысхаан көстүүмэ хас даҕаны. Аны Чысхаан сувенирын арааһа. Дьокуускайтан да Чысхаан оруолугар киһини ыытыахтарын сөп этэ буолбат дуо?» диэн ыйыппыппар: «Москвалар Урбаан министиэристибэтигэр чуолаан Өймөкөөн Чысхаанын бэйэтин ыытыҥ» диэбиттэр. Онон миэхэ тус бэйэбэр аадырыстанан Великай Устюг Тымныы оҕонньоро анал ыҥырыыта кэлбитэ. Өймөкөөн Чысхаана — кини чугас доҕоро. Ханна ыҥырыллабыт да, өрүү  тутуспутунан иккиэн бииргэ сылдьабыт. Кини Өймөкөөҥҥө кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр хаста да ыалдьыттаан барбыта«, — диэн хоруйдаабыта.

Чысхаан брендин сайыннарыыга Семен Сивцев анаан ылсан үлэлээн, билигин аан дойдуга Чысхааны кининэн сирэйдээн билэллэр. Атын киһи хаартыскатын чуо араарар буоллулар. «Бу атын Чысхаан дии» дии түһэллэр. Өймөкөөн Чысхаана туттардыын-хаптардыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин олох ураты. Киһи кини аттыгар чугаһыан да толлор курдук. Оннук улууканнаах бренди айда Өймөкөөн Сэмэнэ. Кини аатын ааттаан омук туристара Өймөкөөн нэһилиэгэр тоҕо анньан кэлэллэр. Кини  илиититтэн Тымныы полюһугар сылдьыбыттарын туһунан сэртипикээти илиилэригэр ыллахтарына — аан дойдуга кинилэр саҕа дьоллоох дьон суохтарын тэҥэ!

Былырыын Саҥа дьыл бырааһынньыктарын саҕана күҥҥэ ортотунан 2-3 турист бөлөҕө субуһа олорор этэ. Сүрүннээн Москваттан, Новосибирскайтан, Санкт-Петербургтан Тымныы полюһугар Саҥа дьылы көрсөр соруктаахтара. Урукку сылларга араас омук дойдутуттан кэлэллэрэ. Быйыл да дойду эрэгийиэннэриттэн сайаапка үгүс диэбиттэрэ. Онон Саҥа дьыл саҕана соло булбаппын, — диэн кэпсиир Семен Сивцев.

«Өймөкөөн Сэмэнэ» псевдонимы Семен Сивцев дьон-сэргэ «Чысхаан» диэн ааты иҥэрээри гыммытыттан, бэйэтиттэн тэйитэн ылыммыта. Үгүс киһи «Чысхаан Сэмэн» диир буолбута. Ол иһин.

Чысхаан киһи аатыгар барсыбат ытык өйдөбүл. Тымныы хаһаайына буоллаҕа. Бу, нууччалыы эттэххэ, «уобарас» да, остуоруйа да дьоруойа буолбатах. Көр-нар да, шоу да, хос аат да кини аатыгар сөп түбэспэт, — диэн кылгастык быһаарбыта.

Дьэ, онон Тымныы хаһаайына Чысхаан ахсынньы 1 күнүгэр Москваҕа ВДНХ-ҕа доҕорун Великай Устюг Тымныы оҕонньорун кытта көрсөн, Арассыыйа Ийэ устун Тымныы полюһа Өймөкөөн тымныытын тарҕатан,  89 эрэгийиэн «оҕонньотторун» кытта илии тутуһан, ытык соругун толоруоҕа.

Мантан аллараа Чысхаан былырыын Саҥа дьыл киин куоратыгар Новосибирскайга үлэтин хаартысканан кэпсиибит:

+1
12
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 ноября
  • -17°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 85% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: