Өссө биир Арассыыйа Дьоруойа баар буолла!

Өссө биир Арассыыйа Дьоруойа баар буолла!

31.08.2024, 13:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Родимир Максимов-Бурхаат байыаннай дьайыыга  сылдьан инники кирбиигэ киирсэр түгэннэрин бүтүн дойду олохтоохторо көрбүттэрэ. Бүлүмүөтчүк Бурхаат хорсун быһыытын үөһэттэн устуулар туоһулаабыттара. Ити киирсиигэ  иккитэ таптаран да баран тохтообокко киирсибитэ. Бу күннэргэ Бурхаат Арассыыйа Дьоруойа буолла.

Бу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар маннык суруйбут:

“Мин Родимир дьоруойдуу быһыытын туһунан эрдэ кэпсээбитим – кини түөрт төгүл кимэн киириини тохтоппута уонна 27 өстөөҕү суох оҥорбута. Икки суукка устата биһиги Дьоруойбут тирэх пууну хорсуннук көмүскээбитэ. Маны таһынан, бааһыран да баран, туруоруллубут соругун толорбута. Саха сирэ килбиэннээх уолунан киэн туттар!”

Бары наһаа үөрдүбүт да, долгуйдубут да…

Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт уолбут Родимир Максимов дьонун-сэргэтин, ийэтин, аҕатын, эбээтин, эһээтин чугастык билэбин. Бу олус иллээх, талааннаах киэҥ аймах буолар. Кыракый нэһилиэктэн төрүттээх уолбут ситиһии­тэ – барыбыт үөрүүтэ. Бу үтүө сурах кэлбит күн нэһилиэгим, улууһум социальнай ситимин бөлөхтөрө оргуйан олордулар. Бүгүн үөрүүлээх сонуну истээт тута Родимир ийэтигэр эри­йэн кэпсэтэ сырыттым, Варвара Николаевна Максимова хаһыакка санаатын үллэһиннэ:

– Дэлби долгуйдум, ытаатым… Киһи бу сиргэ  бэйэтин ааттатаары, удьуорун ууһа­таары кэлэр. Ийэ киһи быһыытынан үөрүүм, киэн туттуум улахан. Ийэтин, аҕатын, эбээтин, эһээтин, Щукиннары даҕаны, Куһумууннары даҕаны ааттарын ааттаттаҕа дии. Төрөппүт быһыытынан үөрдүм. Кырдьыгын эттэххэ, оҕом инники кирбиигэ киирбэтиттэн ордук үөрэбин. Билиҥҥи байыаннай дьайыыга сылдьар бары ийэлэр көрдөһөр көрдөһүүлэрэ ол буолуох­таах. Таатта улууһуттан бастакы Дьоруой буолар. Төрөөбүт улууһун ааттаппыта олус долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх. Оҕом улууһун, өрөспүүбүлүкэтин киэн туттуута буолар. Эбэлээх эһээтэ, бары аймахтара олус долгуйдулар да, үөрдүлэр да. Дьэ, аны оҕобутун күүтэбит. Бэйэтин кытта мааҕыан кэпсэтэ сылдьыбытым. Онно социальнай ситимҥэ Дьоруой буолбутун туһунан тарҕаммыт сураҕы итэҕэйбэккэ олорор этэ. Онтон Ил Дархан ТГ ханаалга таһаарбыт официальнай суруга кэлбитигэр, бары наһаа да үөрбүппүт.

Бу соторутааҕыта уоппус­каҕа кэлэн барбыта. Төрөөбүт дойдутун салгынынан дуоһуйа тыынан, бар дьонун көрсөн олус астыммыта, сынньаммыта. Онон, ахтылҕаммытын син таһаардахпыт дии…  Баайаҕаҕа Борис Федорович Неустроевка-Мандар Ууска тиийэн алгыс ылбыта. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэбит Аҕа баһылыгар Айсен Сергеевич Николаевка, дойдум дьонугар-сэргэтигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Ыам ыйдааҕы кэпсэтииттэн

Оттон биһиги бу ааспыт ыам ыйыгар Докучаевскай куоракка байыаннай суруналыыс Николай Борисов Родимир Максимовтыын көрсөн кэпсэтиитин билиһиннэрэбит:

– Родимир, бэйэҕин билиһиннэрэн кэбис, хантан төрүттээххин?

– Таатта улууһун Туора Күөлүттэн сылдьабын. Хантараак түһэрсэн сулууспалаабытым номнуо сыл аҥаара буолла. Манна олунньу саҥата кэлбитим уонна  бүтэһик киирсиигэ бааһырбытым. Бу Судаарыстыбаннай наҕараадабын кэтэһэбин.

– Дьонуҥ-сэргэҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.

– Дьонум дойдубар олороллор. Аҕам бу олохтон иллэрээ сыл бараахтаабыта. Ийэлээхпин, балтылаахпын, бырааттаахпын уонна уол оҕолоохпун.

– Туох санааттан хантараак түһэрсэргэ быһаарыммыккыный?

– Былырыын күһүн баахтаттан кэлэн баран куоракка үлэлээбитим. Ол кэннэ  байыаннай дьайыыга барар санаалаах, хантараак баттаспытым.

– Эйэлээх олоххо тугунан дьарыктанар этигиний?

– Идэбинэн үлэлээбэккэ, баахтанан көмүс хостооһунугар үлэлээбитим. Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин бүтэрбитим.

– Байыаннай дьайыыга барарга бэлэмнэниини ханна ааспыккыный?

– Соҕуруу Сахалиҥҥа чааһым баар, 39-с биригээдэ, 68-с аармыйа. Онно тии­йэн үөрэммитим. Икки аҥаар нэдиэлэ бэлэмнэммиппит. Онтон манна олунньу 12  күнүгэр кэлбитим. Сайыҥҥы усулуобуйаҕа дьарыктаабыттара. Уопсайа, бойобуой сорудаҕы толорон алтата киирэ сырыттым. Алтыспар бааһыраммын таҕыстым. Элбэх доҕоттордоохпун. Сорохторо бааһырбыттара, сорохторо олохтон туораабыттара. Мин штурмовик-наводчик ПКМ (Пулемет Калашникова) быһыытынан сырыттым. Бастаан дуоһунаһым связист этэ. Онтон манна кэлбитим кэннэ бүлүмүөтчүк оҥорбуттара. Кимэн киириигэ бүлүмүөтү соһо сылдьыбаппыт. Ырааҕы барабыт, сүүрэбит, үксүн аптамааттаах сылдьабыт. Биһиги сорук турдаҕына, тирэх пууну ылабыт. Онно икки күн обо­руонаны тутабыт. Ол курдук салгыы барабыт.

– Биир кимэн киирии төһө бириэмэни ыларый?

– Кырата үс күн буолар. Уһаабыта 14 күн буола сылдьыбыппыт.

– Туох тиийбэтий, уу-хаар, аһылык?

– Уу тиийбэт, ботуруон баар эрээри, барытын сүгэн киирбэккин. Онно сыһыана суох дьон боростуой баҕайы курдук саныыллар. Ыллыҥ да бардыҥ дии саныыллар. Гранатомету тоҕо илдьэ барбаттарый да дииллэр. Тоҕо бэйэлэригэр бүлүмүөттэрэ суоҕуй диэхтэрин сөп. Холобур, ыарахан баҕайы таҥастаах баран истэххинэ, дрон көтөн кэ­­лиэн сөп. Түргэн буолуохха наада. Түргэнник толкуйдуур, түргэнник саһар, түргэнник ытар, сүүрэ-көтө сылдьыахха наада. Камикадзелар, дроннар элбэхтэр. Кассетанан ытыы көҥүллэммэт, кинилэр үксүн онон ыталлар. Кассеталара икки сөкүүндэҕэ балтараа км ыталлар.

– Үөһэнэн ытар дуо?

– Үөһэнэн, миномет курдук син биир. Ыһыллан хаалар. Түһэн баран эмиэ эстэр.

– Хайдах мантан көмүскэниэххэ сөбүй?

– Үксүн бааһыраллар. Олох көнөтүк кэлэн түстэҕинэ, өлөрүөн сөп. Биир бөлөҕү да суох оҥоруон сөп. Ортотунан, сэттэ-аҕыс киһини. Ардах анныгар курдук. Сорохтор эстимиэхтэрин сөп.

– Наҕараадаҕа түһэрии туһунан кэпсээ.

– Барытын “Саха” НКИХ да атын да ханаалларга кэп­сээбитим. Кэпсээтэххэ, уһуна бэрт. Федеральнай ханаалларга көрдөрбүттэрэ. Элбэх уолаттарбытын сүтэрбиппит. Саҥа аһарына сатыы сылдьабын.

– Байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, салгыы туох былааннааххын?

– Уоппускаҕа дьоммун көрсө барбыт киһи дии саныыбын. Дойдубар айылҕаҕа тахсыахпын баҕарабын.

Ыам ыйа, 2024 cыл.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: