Күн-дьыл туруга: туманнаах, кыралаан хаардыа
17.02.2024, 08:00
Хаартыска: Василий Прокопьев
Бөлөххө киир:
Бүгүн, олунньу 17 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыралаан хаардыа, киин улуустарга туманнаах диэн Саха сиринээҕи УГМС биллэрэр.
Саха сирин соҕуруу өттүгэр кыратык хаар түһэрэ күүтүллэр, 9-14 м/с тыалырыа. Киин улуустарга туманнаах тымныылар. Арктика кытылын оройуоннарыгар 9-14 м/с кыратык тыалырыа.
Түүнүн — 43-48°С кыраадыс тымныы, хотугулуу-илиҥҥи оройуоннарга 50-55°С тиийэ тымныйыа, арҕаа -35-40°С, соҕуруу -25-30°С кыраадыс тымныы.
Күнүһүн -30-35°С, хотугулуу-илиҥҥи оройуоннарга -40-45°С, арҕаа улуустарга -25-30°С, соҕуруу оройуоннарга -15-20°С.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: