Норуот билгэтэ: Сылаас алтынньы – тымныы кыһын
09.10.2024, 19:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Норуот билгэтинэн алтынньыга халлаан туруга хайдах буоларыттан кыһын, саас уонна сайын хайдах күүтүллэрэ сылыктанар.
Алтынньы ыйа — күһүн иккис ыйа. Бу ыйы норуокка араастык билгэлииллэр. Күн кылгыыр, салгына сөрүүдүйэр. Холобур, «Алтынньыга эбиэккэ диэри күһүн, эбиэт кэннэ кыһын», — диэн норуокка мээнэҕэ этиллибэт. Бу ыйы кэтээн көрөн, кэлэр ыйдарга күн-дьыл туруга хайдах буоларын билгэлииллэр.
- Сылаас алтынньы — тымныы кыһын.
- Күүстээх, уһун тымныылар турдахтарына – ордук тыйыс тымныы кыһын буолар.
- Алтынньыга этиҥ эттэҕинэ — хаара суох, кылгас уонна сымнаҕас кыһын буолара күүтүллэр.
- Ый саҥатыгар илиҥтэн тыалырдаҕына — сөҥүүтэ суох ыйдар туруохтара, арҕааттан тыал түстэҕинэ – элбэх сөҥүү түһэр, хотуттан тыалырдаҕына – тыйыс тымныы кыһын буолар.
- Алтынньыга ханнык чыыһылаттан тымныы түһэриттэн муус устар ыйга бу чыыһылаттан сылаас күннэр саҕаланыахтара.
- Алтынньыга ханнык чыыһылаҕа хаар түстэҕинэ, ол күнтэн саас муус устар ыйга сылыйан барар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: