«Олус үчүгэй тэрээһиннээх пуорум»
Кулун тутар 5 күнүгэр саҕаламмыт Саха сирин үлэһит дьахталларын пуорумун үлэтин-хамнаһын туһунан кыттааччылар бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.
Ольга Семенова, Дьокуускай куорат оскуолатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
— Маннык пуорумҥа бастакыбын сылдьабын. Мин саныахпар, бу пуорум олус үчүгэй тэрээһиннээх. Үлэлиир дьахталларга туһалаах буоларын курдук аттаран, тэрийбиттэр. Дьахтар доруобуйатын да таарыйаллар, сокуоҥҥа саҥа киирбит араас боппуруостары да сырдаттылар. Онон тус бэйэбэр үчүгэй, туһалаах дии санаатым.
Арассыыйа үрдүнэн биир кэмҥэ буола турар пуорумтан, Татарстантан быһа холбонууну олус сэргээтим. Атын эрэгийиэннэри да ыллахха, дойду үрдүнэн дьахталлар бэйэбит эрэ, соҕотох буолбатахпыт диэн санааны үөскэтэр, бырабыыталыстыбабыт биһиги туспутугар кыһалларын көрдөрөр. Бу маннык сааскы сандаархай күн биир өйдөөх-санаалаах кэрэ аҥаардар мустубуппут, билсэн-көрсөн, санаа үллэстибиппит наһаа үчүгэй. Бу курдук өйдөөх-санаалаах, тугу билбиппин-көрбүппүн бэйэм тэрилтэбэр баран кэпсиэҕим.
Үөрэх эйгэтигэр уруккуттан үлэлиибин, ол эрээри маннык көрсүһүүлэр үөрүүлээхтэр, биһиэхэ бырааһынньык курдук диэм этэ. Атын оскуолалартан кэлбит учууталлары, биир идэлээхтэрбин кытта, биир интэриэстээх, үлэһит дьон быраабын көмүскээччилэр көрсөрбүт да сэдэх. Онон бииргэ түмсэртэн үөрэн, астынан турабын.
Бүгүҥҥү күнтэн, бастатан туран, өрө көтөҕүллүүнү, салгыы үлэлииргэ-хамсыырга иэйиини, саҥа күүһү-уоҕу ылары күүтэбин. Биһиги халтайга үлэлээбэппит, үлэбитин сыаналыыллар эбит, дьахтар, ийэ быһыытынан көмүскэллээхпит диэн санааҕа кэлэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: